Skip to main content

“Кэрэкэ тыллар” өрөспүүбүлүкэтээҕи куйаар ситиминэн ыытыллар хоһоон ааҕыытын көрүү-күрэх балаһыанньата

0
(0)

1. Балаһыанньата:

1.1. Саха норуодунай бэйиэтэ, оҕо суруйааччыта, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа Петр Николаевич Тобуруокап төрөөбүтэ 105 сылыгар аналлаах оскуола орто сүһүөх үөрэнээччилэрин икки ардыгар куйаар ситиминэн хоһоону өйтөн ааҕыы түһүлгэтэ (салгыы – Күрэх) ыытыллар;

1.2. Күрэҕи СӨ Национальнай бибилэтиэкэ салаата «Оҕо арыллар, ааҕар киинэ» (салгыы – Оҕо ааҕар киинэ) тэрийэн ыытар.

2. Сыала — соруга:

  • саха литэрэтиирэтигэр, төрөөбүт тылга уһуйуу;
  • Хоһоон нөҥүө төрөөбүт дойдуга тапталы иҥэрии, бэриниилээхбуоларга иитии;
  • Бэйиэт Петр Тобуруокап айымньылаах үлэтин, олорон ааспыт олоҕун, оҕолорго аналлаах айымньыларын үөрэтии;
  • Суруйааччы Петр Тобуруокап оҕолорго аналлаах айымньыларын ис хоһоонун, туохха анаммытын, үөрэтэрин билиһиннэрии;
  • тиэкиһи кытары үлэ сүрүн сатабылларын иҥэрии, дорҕоонноохтук ааҕыы дьоҕурун сайыннарыы.

3. Күрэх ыытыллар бэрээдэгэ, болдьоҕо:

3.1. Күрэх маҥнайгы түһүмэҕэ өрөспүүбүлүкэ бары оҕо бибилэтиэкэлэригэр, ааҕар салааларыгар (ZOOM анал сыһыарыы биидьийэ– кэмпириэнсийэ нөҥүө эбэтэр кыттааччыны биидьийэҕэ уһулан, кэтэхтэн, алтынны ыйын 14  күнүгэр диэри ыытыахха сөп;

3.2. Күрэххэ өрөспүүбүлүкэ оскуолаларын орто сүһүөх 5-8 кылааһын үөрэнээччилэрэ кыттыыны ылаллара ирдэниллэр;

3.3. Кыттааччы сайаапканы алтынньы ыйын 18 күнүгэр диэри (1 нүөмэрдээх сыһыарыы) (“Кэрэкэ тыллар” бэлиэтээн) толорон dtkckbiokonk@mail.ru электроннай аадырыска ыытар;

3.4. Күрэххэ кыттыы төлөбүрэ суох.

I түһүмэх: эрдэ этиллибитин курдук, 2022 сыл алтынньы ыйын 14 күнүгэр диэри пандемиянан сибээстээн хааччах баар сирдэригэр, о.э өрөспүүбүлүкэ сорох бибилэтиэкэлэригэр, ааҕар саалаларыгар күрэххэ кыттааччылар эрдэ биидьийэҕэ уһулан ыыппыт хоһоон ааҕыыларын ZOOM-кэмпириэнсийэ нөҥүө көрүү ыытыллыаҕа;

II түһүмэх: хоһоону ааҕыы маҥнайгы түһүмэҕин кыайыылаахтарын ортолоругар, 2022 сыл алтынньы ыйын 18 күнүгэр диэри уус-уран ааҕааччылар электроннай барыйаанынан киирбит сайаапкаларынан буолара былааннанар.

4. Тутуһуллар ирдэбиллэр:

4.1. Сайаапкаҕа оҕо тус дааннайдарын докумуоҥҥа киллэрэргэ төрөппүт (иитээччи) сөбүлэҥэ хайаан даҕаны ирдэниллэр (2 нүөмэрдээх сыһыарыы);

4.2. Кыттааччы хоһоонун ааҕыан иннинэ дорҕоонноохтук, улаханнык толору аатын-суолун, ханнык оскуолаҕа, хаһыс кылааска үөрэнэрин, ааҕар айымньытын аатын билиһиннэриэхтээх;

4.3. Кыттааччы соҕотоҕун норуодунай бэйиэт Петр Тобуруокап оҕолорго аналлаах биир айымньытын өйүттэн дорҕоонноохтук ааҕар (бириэмэтэ 3-5 мүнүүтэ);

4.4. Ааҕыллар айымньы ис хоhооно кыттааччы бэйэтин толкуйугар, ѳйүгэр–санаатыгар, сааһыгар сөп түбэhэр буолуохтаах;

4.5. Кыттааччы айымньыны ааҕара эрэ сыаналанар: муусуканан киэргэтии, кыттааччы уус-уран гримы, тыйаатыр уонна мааска көстүүмү кэтэрэ көҥүллэммэт;

5. Сыанабыл уонна наҕараадалааһын:

5.1. Күрэх ыытылларыгар экспертнэй дьүүллүүр сүбэ тэриллэр. Экспертнэй сүбэһиттэринэн: оҕо ааҕар киинин бибилэтиэкэрдэрэ, Дьокуускай куорат оскуолаларын саха тылын уонна литэрэтиирэтин учууталлара, суруйааччы Петр Николаевич Тобуруокап аймахтара буолаллар;

5.2. Экспертнэй дьүүллүүр сүбэ сыанабыла:

— айымньы ис хоһоонун төһө тиэрдибиттэрэ, тылын толору билиитэ;

— уус-ураннык ааҕар айымньытын тыла-өһө чуолкайа;

— айымньыны уус‒ураннык арыйыыта;

— сценическэй маастарыстыбата.

5.3. Экспертнэй дьүүллүүр сүбэ үлэтин түмүгүнэн, сааһынан наардаан икки бөлөх кыайыылаахтарыгар, анал ааттар хаһаайыттарыгар дипломнар, өйдөбүнньүк бириистэр туттарыллыахтара:

— 5 – 6 кылаас үөрэнээччилэрэ;

— 7 – 8 кылаас үөрэнээччилэрэ;

5.4. Күрэххэ кыттыбыт үөрэнээччилэргэ туоһу сурук сайаапкаҕа ыйыллыбыт электроннай аадырыстарга ыытыллар;

5.5. Күрэх түмүгүн, оҕо ааҕар киинин анал сыһыарыытыгар http://bdulib.ru/ уонна социальнай ситимтэн ааҕан билиэхтэрин сөп.

Сиһилии билсэр төлөпүөҥҥүт нүөмэрэ: 89142365593

 

“Кэрэкэ тыллар” өрөспүүбүлүкэтээҕи куйаар ситиминэн ыытыллар хоһоон ааҕыытын көрүү-күрэх сайаапката

Насколько вам понравилась публикация?

Средняя оценка 0 / 5. Количество оценок: 0

Оценок пока нет. Поставьте оценку первым.