
🍃 «МИН ДОЙДУМ – ОЛОҤХО ДОЙДУТА»🍃 театрализованнай көрдөрүү!
📚 «Оҕо ааҕар, арыллар киинэ» сэтинньи 23–27 күннэригэр оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолорго, ону тэҥэ алын уонна орто сүһүөх үөрэнээччилэригэр анаан театрализованнай туруорууга сайаапкалары хомуйар.
☀️ Тэрээһин саха норуотун уус-уран айымньытын чыпчаала — Олоҥхо уонна норуот кутун-сүрүн иҥэринэ сылдьар ытык малбыт — Хомус күннэригэр ананар.
📱 Билсэр нүөмэргит: 8 (4112) 45-58-55 («Оҕо ааҕар, арыллар киинэ»).
🎭 Кэрэхсэбиллээх туруорууну көрөн дуоһуйа сынньаныҥ!
