Skip to main content

Сметанин Тимофей Егорович

0
(0)

(25.11.1919 – 4.08.1947)

Саха литературатыгар чаҕылхай сулус буолан күлүм гынан ааспыт кылгас олоҕор бары жанрга өлбөт-сүппэт айымньылары биэрбит талааннаах буойун суруйааччы Тимофей Егорович Сметанин 1919 сыллаахха сэтинньи 25 күнүгэр Кэбээйи оройуонун Тыайа нэһилиэгэр төрөөбүтэ.
Тимофей Сметанин күн сиригэр баара-суоҕа 28 сыл кэриҥэ олорон ааспыта. Олорон ааспыт кэмнэрэ кырдьык да күүрээннээх күннэр-дьыллар этилэр — бүттүүн үөрэхтээһин, холкуостааһын, Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии… Онно барытыгар кини олох оргуйар үөһүгэр, инники күөнүгэр сылдьыбыта.
Кини айар дьоҕура өссө оскуолаҕа үөрэнэ сырыттаҕына биллибитэ. Литературнай куруһуок оҕолоро таһаарар «Ыстаал ыччат» диэн сурунаалларыгар айымньылара тиһигин быспакка тахсаллара. 1937 сыллаахха «Былатыан суолунан бардарбыан» диэн бастакы хоһооно Нам оройуонун «Колхоз сирдьитэ» хаһыатыгар тахсыбыта. Оччолорго Кэбээйи нэһилиэгэ Нам оройуонугар киирэрэ. Онтон «Бэлэм буол» хаһыакка «Бэлэм буол» (28.04.1937 с.), «Сөтүөлээһин» (15.09.1937 с.) диэн хоһоонноро тахсаллар. Онтон ыла Т. Сметанин айымньылара республика пионердарын хаһыатыгар утуу-субуу тахсан испиттэрэ. Кэлин «Кыым» хаһыакка, «Хотугу сулус» сурунаалга бэчээттэнэн барбыттара.
1941 сыллаахха сэрии саҕаланар. 1942 с. Т.Сметанин сэриигэ барбыта. Прибалтийскай, Хотугулуу-арҕаа уонна Соҕуруу фроннарга сэриилэспитэ. Курскай Дугаҕа алдьархайдаах кыргыһыыга сылдьыбыта, Ленинград блокадатын тоҕо көтүүгэ кыттыбыта.
Ол кэмнэргэ буорах сыттаах хоһоонноро суруллубуттара: «Босхоломмут дэриэбинэ» (1943 с. Орел чугаһа), «Хааннаах хара баттах» (1943 с.), «Саха нууччабын» (1943 с. Брянскай ойуурдара) о.д.а.
Т. Сметанин 1944 с. ыараханнык бааһыран, «Хорсунун иһин», «Бойобуой үтүөлэрин иһин» мэтээллэрдээх сэрииттэн эргиллэн кэлэр уонна пединститукка үөрэнэ киирэр.
Олоҕун тиһэх сылларыгар, суруйалларын курдук, айар үлэ сырдык үөрүүтүн, өрөгөйүн, норуот бүттүүнүн билиниитин ылбыта. 1945 с. «Күөрэгэй», «Саллаат сүрэҕэ», 1946 с. «Куоска олоҥхото», 1947 с. «Егор Чээрин» уо. д.а. кинигэлэрэ тахсыбыттара. «Лоокуут уонна Ньургуһун» диэн драмата саха театрыгар туруоруллубута.

Кини сэриигэ тыҥатыгар ылбыт бааһа аһыллан, онтон устунан сэлликтээн, 1947 сыллаахха атырдьах ыйын 4 күнүгэр сырдык тыына быстыбыта.

 

Оҕолорго айымньылара:

  1. Бороҥ Куобах үөрэммитэ : остуоруйа : кыра кылаас оҕолоругар 
  2. Егор Чэрин : Приключения веселого снайпера Чэрина-Бэрина. Для сред. шк. возраста
  3. Егор Чээрин : [сэһэн : улахан уонна орто саастаах оскуола оҕолоругар] 
  4. Куоска олоҥхото : кыра оҕолорго остуоруйа 
  5. Күөрэгэй : остуоруйа 
  6. Көрүдьүөс күн 
  7. Мэхээлэчээн булчут кэпсээннэрэ: [кэпсээннэр : кыра саастаах оскуола оҕолоругар]
  8. Стихи, рассказы, повести, сказка и пьесы для детей

Аудио:

  1. Тимофей Егорович Сметанин. Егор Чээрин : [аудиосэһэн] 
  2. Тимофей Егорович Сметанин. Күөрэгэй : [аудиоостуоруйа] 
  3. Тимофей Сметанин «Куоска олоҥхото» 

 

Эбии көр:

  1. Детям о писателях-фронтовиках Якутии. Вып. 1
  2. Детям о писателях-фронтовиках Якутии. Вып. 2 
  3. «Мэхээлэчээн булчут кэпсээннэрэ» мүлчүргэннээх сырыыларыттан оонньуу-викторина 
  4. «Отрывок» литературнай рубрика алтыс таһаарыытыгар Тимофей Сметанин «Кыайыылаахтар ыһыахтара» айымньыны билсиһиннэрэбит 
  5. Тематическая коллекция в ЭБ НБ РС (Я) «Писатели Якутии — участники Великой Отечественной войны»
  6. Тематическая коллекция в ЭБ НБ РС (Я) «Писатели-фронтовики Якутии – детям» 
  7. Тематическая коллекция в ЭБ НБ РС (Я) «Сметанин Тимофей Егорович» 

Насколько вам понравилась публикация?

Средняя оценка 0 / 5. Количество оценок: 0

Оценок пока нет. Поставьте оценку первым.