(20.01.1907 — 22.09.1960)Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, поэт, тылбаасчыт Архип Георгиевич Кудрин — Абаҕыыныскай 1907 сыллаахха Өлүөхүмэ улууһугар Абаҕа нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Якутскайдааҕы педагогическай техникуму үөрэнэн бүтэрбитэ. Салгыы Иркутскай педагогическай институтугар үөрэммитэ. Үөрэҕин бүтэрэн, Саха сиригэр төннөн кэлэн тыа сиригэр учууталлаабыта. «Эдэр большевик», «Бэлэм буол» хаһыаттарга, Дьокуускайдааҕы кинигэ кыһатыгар, араадьыйанан биэрии кэмитиэтигэр, суруйааччылар сойуустарын бырабылыанньатыгар үлэлээбитэ.«Хотугу сулус» альманах эппиэттиир эрэдээктэринэн үлэлии олорон 1941 сыллаахха от ыйыгар Кыһыл армия кэккэтигэр ынырыллыбыт. 1942 сыл олунньутугар билиҥҥи Забайкалье кыраайын Оловяннай оройуонугар байыаннай үөрэҕи ааспыт. 1945 сыллаахха атырдьах ыйыгар Монголия норуот өрөспүүбүлүкэтиттэн Забайкальетааҕы фронт 17-с аармыйатын 278-с стрелоктыы дивизиятын 855-с стрелоктыы полкатын старшинатын быһыытынан Кытай сирин босхолуур Хинган-Мукденнааҕы кимэн киириигэ кыттыбыт. Ити сыл Кыайыы көтөллөөх Саха сиригэр эргиллэн кэлбит. «Японияны кыайыы иһин» мэтээлинэн наҕараадаламмыт.Айар үлэҕэ баара-суоҕа сүүрбэччэ саастаах эдэркээн киһи Архип Абаҕыыныскай диэн псевдонимынан илии баттаан 1923 сыллаахха үктэммит, «Ырыа-хоһоон» диэн маҥнайгы кинигэтэ 1927 сыллаахха тахсыбыт.Үгүс хоһоонноро ырыа буолан ылламмыттара. Суруйааччы саха поэзията сайдарыгар үгүс саҥаны киллэрбитэ. Улуу нуучча суруйааччыларын Пушкин, Тургенев, Горькай, Маяковскай, Лебедев-Кумач, Михалков, Барто, о.д.а. айымньыларын тылбаастаабыта.1938 сылтан ССРС Суруйааччыларын союһун чилиэнэ. 1939-1948 сылларга Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун бырабылыанньатын эппиэттиир сэкирэтээрэ.Олоҕун биэс уон үһүс сылыгар 1960 сыллаахха балаҕан ыйын 22 күнүгэр Архип Абаҕыыныскай өлбүтэ.Оҕолорго айымньылара:Нууччалыыттан сахалыы тылбаастара:
- Ааҕар книга : бастааҥҥы школа 3-с классыгар https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open/41310
- Биһиги дьаасылабыт : [оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаахтарга хоһооннор] https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open/7769
- Төгүрүк сыл : [хоһооннор] https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open/38488
- «Туллуктаана» : [хоһооннор] https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open/39266
- Хоту : [кыра саастаах оҕолорго хоһооннор] https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open/7768
- Хоһооннор : [оскуолаҕа киирэ илик уонна оскуола оҕолоругар] https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open/36842
Эбии көр:
- Барто, Агния Львовна. Ытанньах кыыс : [хоһооннор : оскуола иннинээҕи саастаах оҕолорго] https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open/58242
- Доҕордоһуу / А. Абаҕыыныскай тылбаастара https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open/39269
- Киплинг, Редьярд. Сэһэннэр : [кыра саастаах оҕолорго остуоруйалар] https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open/36848
- Суундьукку / Корней Чуковскай https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open/36845
- Виртуальная книжная выставка «О Якутию пою» к 115-летию со дня рождения А.Г.Кудрина-Абагинского https://kids.nlrs.ru/?post_type=post&p=13440
- Детям о писателях-фронтовиках Якутии. Вып. 1 https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open/47846
- Детям о писателях-фронтовиках Якутии. Вып. 2 https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open/47847
- Тематическая коллекция в ЭБ НБ РС (Я) «Писатели Якутии — участники Великой Отечественной войны» https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/collections/1101
- Тематическая коллекция в ЭБ НБ РС (Я) «Писатели-фронтовики Якутии – детям» https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/collections/1293