Skip to main content

Николай Денисович Неустроев 

0
(0)
 

(03.12.1895 — 21.07.1929)

Николай Денисович Неустроев — саха литературатын төрүттэспит үс суруйааччылартан биирдэстэрэ, саха маҥнайгы драматура, кэпсээнньитэ, ону таһынан, саха бастакы комедиограбын быһыытынан биллибитэ.  Кини 34 эрэ сыл олорбут кып-кылгас олоҕор суруйааччы, фольклорист, публицист быһыытынан, айан ааспыта Николай Денисович 1895 сыллаахха ахсынньы 3 күнүгэр Төрдүс Байаҕантай нэһилиэгэр Байаҕантай улууһугар (билиҥҥитинэн Таатта улууһугар) орто бааһынай кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. Кыра эрдэҕинэ төрөөбүт сиригэр оскуола суох буолан, уонча көстөөх Баайаҕа оскуолатын бүтэрбитэ.  1910 сыллаахтан 1913 сылга диэри түөрт кылаастаах Дьокуускайдааҕы училищеҕа үөрэммитэ. Ол сылдьан ыалдьан (кини бэрт кыра сааһыттан тыҥатынан ыалдьара) дойдутугар төннөн тахсан, нэһилиэгэр суруксуттаабыта, төрөөбүт нэһилиэгэр ревком бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитэ. Сүүрбэ саастааҕар «Дьиикэй олох» диэн бастакы кэпсээнин нууччалыы суруйан 1917 сыллаахха соҕуруу «Сибирские записки» сурунаалга бэчээттэппитэ. Ол иннинэ 1916 сыллаахха Былатыан Ойуунускайы кытта Н.В. Гоголь «Ревизорун» сахалыы тылынан саҥардыбыта. 1920 сыллаахха аатырбыт «Кукаакы Кулуба» комедиятын суруйан аата-суола норуокка киэҥник биллибитэ, саха литературатыгар чаҕылхайдык киирбитэ. “Куһаҕан тыын”, “Тиэтэйбит” о.д.а. аатырбыт комедияларын суруйталаабыта. Прозаик быһыытынан “Балыксыт”, “Ыйдаҥа”, “Сэмэнчик” о.д.а. кэпсээннэри айан хаалларбыта. Кини айымньыларын сүрүн геройдарынан оччотооҕу тыа сирин отчут-масчыт дьоно буолбуттара. Эдэр сааһыгар 1929 с. от ыйын 21 күнүгэр ыалдьан өлбүтэ.    Айымньылара:
  1. Балыксыт https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open/12832
  2. Пьесалар, кэпсээннэр https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open/1959
  3. Талыллыбыт айымньылар https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open/14209
  4. Тимир дьон оҕолоро https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open/14212
  5. Тиэтэйбит: икки төгүллээх комедия https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open/31424
  6. Тиэтэйбит: кэпсээннэр, пьесалар https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open/50628
  Тылбаастара:
  1. Карпенко. Сүөһү аһылыгын сиилэстиир туһунан : (сүөһү иитиитин икки ыйдааҕы хампаанньатыгар) https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open/115604
  2. Постышев, Павел Петрович. Хомсомуол саҥа хаадырын бассабыыктыы иитии иннигэр : 1931 с. ахсынньы 9 к. Хом. КК III билиэнимигэр эппит тыла https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open/51029
  Аудио:
  1. Балыксыт : [аудиокнига] https://kids.nlrs.ru/neustroev-nikolaj-denisovich-balyksyt-audiokniga/
  2. Иирээн : [аудиокэпсээн] https://kids.nlrs.ru/neustroev-nikolaj-denisovich-iireen-audiokepseen/ 
  3. Куттаммыт : [аудиокэпсээн] https://kids.nlrs.ru/neustroev-nikolaj-denisovich-kuttammyt-audiokepseen/
  4. Куттаммыт : [аудиокэпсээн] https://kids.nlrs.ru/nikolaj-denisovich-neustroev-kuttammyt-audiokepseen/
  5. Муммут оҕо кэпсээнэ : [аудиокэпсээн] https://kids.nlrs.ru/neustroev-nikolaj-denisovich-mummut-o-o-kepseene-audiokepseen/
  6. Омоҕой, Эллэй икки : [аудиокэпсээн] https://kids.nlrs.ru/neustroev-nikolaj-denisovich-omo-oj-ellej-ikki-audiokepseen/
  7. Омоҕой икки Эллэй икки https://kids.nlrs.ru/n-d-neustroev-omo-oj-ikki-ellej-ikki/
  8. Сэмэнчик : [аудиокэпсээн] https://kids.nlrs.ru/neustroev-nikolaj-denisovich-semenchik-audiokepseen/
  9. Ыйдаҥа : [аудиокэпсээн] https://kids.nlrs.ru/neustroev-nikolaj-denisovich-yjda-a-audiokepseen/
  Эбии көр:
  1. Балыксыт: ойуу-кинигэ https://kids.nlrs.ru/balyksyt-ojuu-kinige/
  2. Николай Денисович Неустроев https://landscape.nlrs.ru/41
  3. Тематическая коллекция в ЭБ НБ РС (Я) «Неустроев Николай Денисович»  https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/collections/1739

Насколько вам понравилась публикация?

Средняя оценка 0 / 5. Количество оценок: 0

Оценок пока нет. Поставьте оценку первым.