Оҕолоор, таабырынна таайсыахха. Былыр-былыргыттан таабырын оҕо-аймах эрэ буолбакка, улахан да дьон сөбүлээн оонньуур дьарыктарынан биллэр. Киһи өйүн сытыылыыр, толкуйдуур дьоҕурун сайыннарар тыл кыра айымньыта буолар. Чэ, саҕалыаххайын (таабырын таайтарыытын билбэтэххитинэ бу кинигэлэр эһиэхэ көмөлөһүөхтэрэ):
1. Муора ортотугар көмүс кытах уста сылдьар үһү 2. Алтан тимэх алыыта баар үһү 3. Сир анныгар итии болгуо сытар үһү 4. Ууга төрөөбүт, ууттан куттанар баар үһү https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open10726 5. “Миигинэ суох ханна да олоруоххут суоҕа”, – диир баар үһү 6. Эдьиийэ ыалдьыттыы кэллэҕинэ, балта саһан хаалар үһү 7. Үйэтин тухары эргийэр үһү да, мэйиитэ эргийбэт баар үһү https://kids.e.nlrs.ru/online/13169 8. Төһөнү да аһыым – топпоппун, инчэҕэйтэн эрэ куттанабын диир баар үһү. 9. Күнү быһа хараҕын уутун тоҕор баар үһү. 10. Өлбөт өйдөөх туох баарый? 11. Кутаа да буолбатар сылытар баар үһү. https://kids.e.nlrs.ru/online/13174 12. Үөмэр-чүөмэр үктэнэн Үөмэн сылдьар үгэстээх, Иннин-кэннин кэтэнэр Эгэй-сэгэй бэйэлээх; Алып-ньалып салбанан, Албын-түөкэй ааттанан, Хоһооҥҥо, үгэҕэ холбоспут,. Хорооҥҥо, көҥдөйгө хорҕойбут; Куобах, кудуйах аһылыктаах Куо мэтэкэ хотука Куулаҕа сырыттаҕа бука. https://kids.e.nlrs.ru/online/35741 13. Саҥата суох да — саҥалаах, Тыла суох да — тыллаах, Кэрээбэт кэрэ кэпсээннээх, Бүппэт үгүс сэһэннээх; Өйдөөххө да — өй эбэр, Үөрэхтээҕи да — үөрэтэр, Дьоҕус буолан баран, Дьолго сирдиир туох баарый? https://kids.e.nlrs.ru/online/13815 14. Маҥан куобах бэргэһэлээх Барар суолгар турабын Куруук суумка сүгэһэрдээх Көрөбүн эн ааһаргын. Бэркэ билэбин эйигини, Бэргэнник таайар инигин https://kids.e.nlrs.ru/online/13276 15. «Бу да кыракый буолларбын, Бууру охторор бухатыырбын», — диэн. Чахчы-бааччы чабыланааччы, Чааркаантан эрэ чаҕыйааччы, Сыһыыны толоону сыыйталыыр, Сыҥынах анныттан быгыалыыр, Кыраһа курдук кылбаҕаркаан, Кынаҕар-чоноҕор кыысчаан баар үһү. – бу ханнык кыылый? https://kids.e.nlrs.ru/online/10733