1-кы, 2-с нүөмэрдээх сыһыарыылар
«Таптыыр сахам тылынан»
өрөспүүбүлүкэтээҕи дьыктаан ыытыы
балаһыанньата
- Балаһыанньата:
1.1. Балаһыанньа «Таптыыр сахам тылынан» өрөспүүбүлүкэтээҕи дьыктаан (салгыы — дьыктаан) сыалын, соруктарын, тэрээһин торумун, кыттыы бэрээдэгин чопчулуур;
1.2. Дьыктаан сыала – өрөспүүбүлүкэ үөрэнээччилэрин төрөөбүт тылынан суруктара-бичиктэрэ уус-уран, литэрэтиирэ нуорматыгар эппиэттиир, тупсаҕай буоларыгар үлэлэһии.
Соруктара:
- үөрэнээччини саха литэрэтиирэтигэр, төрөөбүт тылга уһуйуу;
- төрөөбүт тылынан сөпкө саҥарар-суруйар таһымын үрдэтии, сатабылын иҥэрии;
- төрөөбүт тыл култууратын үрдэтии;
- санааны толору арыйа үөрэнии.
1.3. Күрэҕи СӨ Национальнай бибилэтиэкэтин «Оҕо арыллар, ааҕар киинэ» (салгыы — Оҕо ааҕар киинэ) тэрийэн ыытар.
- Дьыктаан ыытыллар бэрээдэгэ, болдьоҕо:
2.1. Дьыктаан өрөспүүбүлүкэ улуустарын оҕо бибилэтиэкэлэригэр, салааларыгар, оскуолаларыгар ыытыллар, улуустааҕы тэрийээччи ананар;
2.2. Дьыктааҥҥа өрөспүүбүлүкэ оскуолаларын (3 — 8 кылаас) үөрэнээччилэрэ кыттыыны ылаллар;
2.3. Дьыктаан үс бөлөҕүнэн ыытыллар:
- 3-4 кылаас үөрэнээччилэрэ;
- 5-6 кылаас үөрэнээччилэрэ;
- 7-8 кылаас үөрэнээччилэрэ.
2.4. Дьыктаан өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн биир күҥҥэ, о.э. 2024 сыл олунньу ый 13 күнүгэр ыытыллар;
2.5. Дьыктаан сөптөөх хоруйдара Оҕо ааҕар киинин анал сыһыарыытыгар 2024 сыл олунньу ый 14 күнүгэр бэчээттэнэн тахсыа;
2.6. Өрөспүүбүлүкэ улуустарын үөрэнээччилэрэ сайаапкаларын толорон (1-кы нүөмэрдээх сыһыарыы) 2024 сыл олунньу ый 2 күнүгэр диэри улуус оҕо бибилэтиэкэлэригэр, салааларарыгар ыыталлар;
2.7. Дьокуускай куорат оскуолаларын үөрэнээччилэрэ сайаапкаларын толорон (1-кы нүөмэрдээх сыһыарыы) 2024 сыл олунньу ый 2 күнүгэр диэри Оҕо ааҕар киинин электроннай аадырыһыгар dtkckbiokonk@mail.ru ыыталлар;
2.8. Дьыктаан II түһүмэхтэн турар, ыытыллар тыла – сахалыы, кыттыы төлөбүрэ суох;
I түһүмэх: өрөспүүбүлүкэ улуустарыгар баар оҕо бибилэтиэкэлэрин, салааларын үлэһиттэрэ миэстэтигэр тэрийэллэр. Үс бөлөх кыайыылаах кыттааччылар үлэлэрин 2024 сыл олунньу ый 15 күнүгэр dtkckbiokonk@mail.ru диэри ыыталлар;
Дьокуускай куорат оскуолаларын үөрэнээччилэригэр, дьыктаан ыытыллар сигэтэ, олунньу ый 13 күнүгэр Оҕо ааҕар киинин анал сыһыарытыгар http://kids.nlrs.ru тахсыаҕа;
II түһүмэх: дьыктаан маҥнайгы түһүмэҕин кыайыылаахтарын ортолоругар ыытыллан, өрөспүүбүлүкэтээҕи дьыктаан уопсай түмүгэ 2024 сыл олунньу ый 20 күнүгэр Оҕо ааҕар киинин анал сыһыарытыгар http://kids.nlrs.ru тахсыаҕа.
- Дьыктаан сорудахтара уонна сыанабыла:
3.1. Дьыктаан кыттааччылара бөлөҕүнэн: 3-4 кылаас үөрэнээччилэрэ, 5-6 кылаас үөрэнээччилэрэ, 7-8 кылаас үөрэнээччилэрэ, бэриллибит сорудахтары толороллор;
3.2. Дьыктаан уон сорудахтаах:
- Тоҕус тест быһыытынан бэриллибит ыйытыылар;
- Бэриллибит тиэмэҕэ өйтөн суруйуу.
3.3. Дьыктаан бастакы тоҕус ыйытыыларыгар сөптөөх эппиэт иһин- 1 балл;
3.4. Дьыктаан ыытылларыгар экспертнэй дьүүллүүр сүбэ тэриллэр. Дьүүллүүр сүбэ экспертэрэ: өрөспүүбүлүкэ оҕо бибилэтиэкэлэрин, салааларын үлэһиттэрэ, саха тылын уонна литэрэтиирэтин учууталлара;
3.5. Экспертнэй дьүүллүүр сүбэ үлэтин түмүгүнэн:
- I түһүмэх түмүгүнэн өрөспүүбүлүкэ улуустарыгар, Дьокуускай куорат үөрэнээччилэригэр сааһынан наардаан үс бөлөх кыайыылаахтарыгар, анал ааттар хаһаайыттарыгар улуус, куорат таһымнаах дипломнар туттарыллаллар:
— 3 – 4 кылаас үөрэнээччилэрэ;
— 5 – 6 кылаас үөрэнээччилэрэ;
— 7 – 8 кылаас үөрэнээччилэрэ;
- II түһүмэх түмүгүнэн өрөспүүбүлүкэ кыайыылаахтарын сааһынан наардаан үс бөлөх кыайыылаахтарыгар, анал ааттар хаһаайыттарыгар дипломнар туттарыллаллар:
— 3 – 4 кылаас үөрэнээччилэрэ;
— 5 – 6 кылаас үөрэнээччилэрэ;
— 7 – 8 кылаас үөрэнээччилэрэ.
3.6. Күрэххэ кыттыбыт үөрэнээччилэргэ туоһу сурук сайаапкаҕа ыйыллыбыт электроннай аадырыска ыытыллар;
Күрэх түмүгүн, оҕо ааҕар киинин анал сыһыарыытыгар http://kids.nlrs.ru/ уонна социальнай ситимтэн ааҕан билиэхтэрин сөп.
Сиһилии билсэр төлөпүөҥҥүт нүөмэрэ: 89245900016.
1-кы, 2-с нүөмэрдээх сыһыарыылар.
3 – 4 кылаас үөрэнээччилэригэр ыйытыылар
5 – 6 кылаас үөрэнээччилэригэр ыйытыылар
7 – 8 кылаас үөрэнээччилэригэр ыйытыылар