Skip to main content

Бродников Алексей Спиридонович

0
(0)
  (26.02.1917- 25.06.1998) Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, поэт уонна прозаик Бродников Алексей Спиридонович 1917 сыллаахха олунньу 26 күнүгэр Чурапчы улууһугар төрөөбүтэ. 1942 сыллаахха Чурапчытааҕы педагогическай училищены бүтэрбит сылыгар Сэбиэскэй Аармыйа кэккэтигэр ыҥырыллыбыта, Старая Русса, Смоленскай, Холм куораттары босхолоспута. Биир чулуу снайпер быһыытынан “Слава” бойобуой орден 3-с степенинэн, медалларынан наҕараадаламмыта. Фроҥҥа сылдъан суруйбут хоһооннорун тэтэрээтин сэрии дьалхаанын кэмнэригэр сүтэрбитин туһунан ахтар эбит. 1955 сыллаахха Дьокуускайдааҕы учуутал институтун үөрэнэн бүтэрбитэ. Хаһыакка эрэдээктэринэн, киэһээҥҥи оскуолаҕа учууталынан үлэлээбитэ.  Саха литературатыгар 1946 сылтан биллэн барбыта. «Күөх чараҥҥа», «Кулун туйаҕа», «Сиккиэр», «Хочо хоһооно», «Этигэн хомус» уо.д.а. хоһооннор хомуурунньуктарын, «Арыллыбыт аартык», «Көмүскэ уута» романнар уонна «Үчүгэйиэн дойду сирэ» документальнай сэһэн, кэпсээннэр, очеркалар, хоһооннор кинигэ ааптара. Бродников айымньыларын сүрүн тиэмэтинэн аныгы Саха сирин дьоно-сэргэтэ, кэрэ айылҕата буолар. Yryc сыл оҕолору иитиигэ, үөрэтиигэ улэлээбит талааннаах педагог эдэр ааҕааччыларыгар анаан хас да кинигэни таһаартарбыта («Кулун туйаҕа», “Сиксиэр”, “Куорсуннаах оноҕос”). Бу айымньылар судургу тыллара-естере, тэтимнээх ритмнэрэ, дьүөрэ тыллартан наарданар строфалара оҕо ааҕарыгар, өйдүүрүгэр табыгастаахтар. Темаларын эйгэтэ: үлэ үөрүүтэ, үөрэх суолтата, үтүөҕэ тардыһыы, төрөөбүт дойдуга таптал. Оҕолорго айымньылара:
  1. Кэпсээннэр, хоһооннор, поэмалар: орто саастаах оскуола оҕолоругар https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open/13915 
  2. Чэрэкээттэ: орто саастаах оҕолорго кэпсээннэр https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open/13923 
  3. Хочо хоһооно : [хоһооннор] https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open/13921 
  4. Куорсуннаах оноҕос: кыра саастаах оҕолорго https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open/13917 
  5. Күөх чараҥҥа : Хоһооннор уонна ырыалар хомуурунньуктара https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open/13914 
  Эбии көр:
  1. Детям о писателях-фронтовиках Якутии. Вып. 1 https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open/47846 
  2. Детям о писателях-фронтовиках Якутии. Вып. 2 https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open/47847
  3. Тематическая коллекция в ЭБ НБ РС (Я) «Писатели Якутии — участники Великой Отечественной войны»  https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/collections/1101 
  4. Тематическая коллекция в ЭБ НБ РС (Я) «Писатели-фронтовики Якутии – детям» https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/collections/1293

Насколько вам понравилась публикация?

Средняя оценка 0 / 5. Количество оценок: 0

Оценок пока нет. Поставьте оценку первым.