Skip to main content

Никифоров Исай Прокопьевич

0
(0)
  (15.05.1915 — 03.09.1976) Прозаик, драматург Никифоров Исай Прокопьевич 1915 сыллаахха, ыам ыйын 15 күнүгэр Хаҥалас улууһугар төрөөбүтэ. 1943 сылга диэри «Кыым» хаһыатын редакциятын отделын сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ, онтон Советскай Армия кэккэтигэр ыҥырыллан барбыта. Эргиллэн кэлэн баран, журналист араас эппиэттээх үлэтигэр сылдьыбыта.  И.П.Никифоров сэрии сылларыгар үтүөкэннээх бойобуой суолу ааспыта, сэриини старшай лейтенант званиелаах, Кыһыл Сулус уордьаннаах, элбэх мэтээллэрдээх Германияҕа түмүктээбитэ.  1949 сыллаахха Новосибирскайдааҕы уобаластааҕы партийнай оскуоланы үөрэнэн бүтэрбитэ. 1949-1953 сс. «Эдэр коммунист» хаһыатын эрэдээктэринэн, кэлин «Хотугу сулус» эппиэттээх сэкирэтээринэн үлэлээбитэ.  Айар үлэтигэр Исай Прокопьевич хара маҥнайгыттан күүрээннээх олох уларыйыыларын, ааспыт уонна олорбут кэмин ойуулаан арыйбыта. Ордук сэрии тематыгар суруйталаабыта — “Саллааттар”, “Сүрэх кэпсиир”. Дьэ ол иһин, саха прозатыгар Аҕа дойду Улуу сэриитин тематын киллэрсибитэ. Суруйааччы бу темаҕа олоҕун устатын тухары үлэлээбитэ. Кини “Саллааттара” аан бастаан “Кыым” хаһыакка “Өлүөнэттэн саллаат” диэн ааттаах өссө 1946 сыллаахха бэчээттэммитэ.  Суруйааччы ордук таһаарыылаахтык олоҕун тиһэх сылларыгар үлэлээбитэ. Сэһэннэрэ “Кырымахтаахтар” 1965 с., “Быһый уол” 1967 с., “Суор кыланар сиһигэр” 1970 с., “Илин былдьаһыы” 1972 с., “Сүрэх кэпсиир” 1974 с. тахсыталаабыттара. И.П.Никифоров драматург быһыытынан эмиэ биллэр. Кини Н.Заболоцкайдыын “Тарабукиннар кэргэннэрэ” диэн тутааччылар олохторун көрдөрөр бэртээхэй пьесаны суруйбута. Итини сэргэ “Күүкэй ыала”, “Күн тахсыыта”, “Таптал атыыламмат” диэн пьесалара көрөөччүлэр үчүгэй сыанабылларын ылбыттара. 1939 сыллаахха «Степан» диэн сэһэнэ туспа кинигэнэн бэчээттэнэн тахсыбыта. Кэлин «Саллааттар», «Кырачаан булчуттар», «Олох иһин охсуһуу», «Түбүктээх саас», «Ким ордугуй?», «Икки сэһэн», «Саллаат өрүү саллаат» диэн кинигэлэри таһаартарбыта. И.П. Никифоров 1976 сыллаахха балаҕан ыйын 3 күнүгэр өлбүтэ.   Оҕолорго айымньылара:
  1. Без ружья: рассказы https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open/1073 
  2. Быһый уол : сэһэн : [для детей старшего школьного возраста]  https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open/1072 
  3. Ким ордугуй? = Кто лучше? : кэпсээннэр : рассказы https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open/13718 
  4. Ким ордугуй? https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open/1075 
  5. Кырачаан булчуттар : [кэпсээннэр] / https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open/1070 
  6. Саллааттар : повесть . https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open/1077 
  7. Саҥа олоҕу айабыт: кылаас таһынааҕы ааҕыыга көмө https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open/75446 
  Аудио:
  1. Баян : [аудиокэпсээн] https://kids.nlrs.ru/isaj-prokopevich-nikiforov-bayan-audiokepseen/ 
  Эбии көр:
  1. Детям о писателях-фронтовиках Якутии. Вып. 1 https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open/47846 
  2. Детям о писателях-фронтовиках Якутии. Вып. 2 https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open/47847 
  3. Тематическая коллекция в ЭБ НБ РС (Я) «Писатели Якутии — участники Великой Отечественной войны»  https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/collections/1101 
  4. Тематическая коллекция в ЭБ НБ РС (Я) «Писатели-фронтовики Якутии – детям» https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/collections/1293

Насколько вам понравилась публикация?

Средняя оценка 0 / 5. Количество оценок: 0

Оценок пока нет. Поставьте оценку первым.