Skip to main content

Седалищев Никифор Кирикович — Дьүөгэ Ааныстыырап

0
(0)
  (19.01.1913 — 1944) Бастакы оҕо суруйааччыларыттан биирдэстэрэ, прозаик, тылбаасчыт Никифор Кирикович Седалищев — Дьүөгэ Ааныстыырап Үөһээ Бүлүү улууһун Кэнтик нэһилиэгэр 1913 сыллаахха төрөөбүтэ. Бүлүү педагогическай техникумун икки курсун бүтэрбитэ. 1934-1936 сс. Дьүөгэ Ааныстыырап Бүлүү, Үөһээ Бүлүү оскуолаларыгар саха тылын уонна литературатын учууталынан үлэлээбитэ. Дьокуускайга 1936 с. пионерскай үлэһиттэр курстарын бүгэрэн баран, комсомол Намнааҕы комитетын пионердар ортолоругар үлэҕэ отделын сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ, 1938 с. “Бэлэм буол” хаһыат редакциятын эппиэттиир секретарынан, 1939 с. ити хаһыат эппиэтгиир редакторынан анаммыта. 1941 с. сайыныгар Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии саҕаланан, “Бэлэм буол” тахсыбат буолбута, кини редактора Никифор Кирикович фроҥҥа барбыта. Калинин уонна Ленинград куораттар анныларыгар сэриилэспитэ. Үстэ бааһырбыта. Хорсуннук сэриилэһэ сылдьан 1944 сыллаахха күн сириттэн 31 сааһыгар сураҕа суох сүппүтэ. Педтехникумҥа үөрэнэ сырыттаҕына, 1933 с. саҥа тэриллибит литературнай куруһуок чилиэннэрин айымньылара түмүллэн, “Кыайыы кыымнара” диэн кинигэ буолан, Дьокуускайга бэчээттэнэн тахсыбыта. Онно Дьүөгэ Ааныстыырап “Ууһуттар” диэн Үөһээ Бүлүү пионердарын туһунан кэпсээнэ, “Түрүбүөгэ” диэн хоһооно киирбиттэрэ. Никифор Кирикович бастакы суруйуулара сүнньүнэн оҕо аймахха анаммыттара: “Куонда — Кириэскэ”, “Быыс нөҥүө”, “Кыһылбын уонна оскуолаҕа үөрэнэбин”, “Ой-Бэс” уо.д.а. Кыһынын учууталлыыр, сайынын пионерскай лааҕырга үлэлиир буолан, оҕо майгытын-сигилитин, айылгытын үчүгэйдик билэрэ айар үлэтигэр улахан көмөлөөх буолбута. Оҕолору таптыыра бэрт буолан, учууталлыырын олус сөбүлүүрэ. Оҕолорго айымньылара:
  1. Ой — бэс : Повесть, рассказы, пьеса для детей старшего школьного возраста  https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open/37746 
  2. Төрөппүттэр тапталлара : [орто саастаах оҕолорго] https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open/27198 
  Эбии көр:
  1. Детям о писателях-фронтовиках Якутии. Вып. 1 https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open/47846 
  2. Детям о писателях-фронтовиках Якутии. Вып. 2 https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open/47847
  3. Тематическая коллекция в ЭБ НБ РС (Я) «Писатели Якутии — участники Великой Отечественной войны»  https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/collections/1101 
  4. Тематическая коллекция в ЭБ НБ РС (Я) «Писатели-фронтовики Якутии – детям» https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/collections/1293 
  5. Тематическая коллекция в ЭБ НБ РС (Я) «Первые детские писатели якутской литературы» https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/collections/1288 

Насколько вам понравилась публикация?

Средняя оценка 0 / 5. Количество оценок: 0

Оценок пока нет. Поставьте оценку первым.