Skip to main content

Тимофеев Степан Иванович

0
(0)
  (07.01.1921 —  26.12.2012) Поэт, тылбаасчыт Тимофеев Степан Иванович 1921 сыллаахха тохсунньу 7 күнүгэр Мэҥэ Хаҥалас улууһугар күн сирин көрбүтэ.  1940 сыллаахха Дьокуускайдааҕы культурнай-сырдатар оскуолатын бүтэрэн Ленинградка театральнай институкка туттарсан киирбитэ. Бастакы курска үөрэнэ сырыттаҕына, уордаах күннэр үүммүттэрэ — Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии саҕаламмыта. Ийэ дойду ыҥырар бастакы күннэриттэн Степан Иванович сиэрэй синиэли кэтэн, бар дьонун түөһүнэн хаххаласпыта, Ленинград оборонатыгар кыттыыны ылбыта. «Ленинграды көмүскээһин иһин», «Германияны кыайыы иһин» бойобуой мэтээллэринэн наҕараадаламмыта. Кини сэриигэ связиһинэн, телефониһынан сылдьыбыта уонна сэриини сибээс отделениетын хамандыырынанн түмүктээбитэ. Байыаннай офицер буолаары үөрэнэ сырыттаҕына, 1946 сыллаахха демобилизация биллэриллэн, төрөөбүт Сахатын сиригэр эргиллибитэ 1946 сылтан Якутскайдааҕы кинигэ кыһатыгар корректорынан, онтон эрэдээктэринэн үлэлээбитэ.  Аан бастаан, «Саас» диэн хоһооно сэттис кылааска үөрэнэ сырыттаҕына, 1937 сыллаахха, «Колхоз кырдьыга» диэн оройуонун хаһыатыгар тахсыбыта. «Күөх ыллык» бастакы хоһооннорун хомуурунньуга 1955 сыллаахха тахсыбыта. Төһө да сэрии иннинэ биирдиилээн хоһооннорун бэчээххэппитин иһин, поэх быһыытынан С. Тимофеев сэрии кэннинээҕи сылларга биллэн барбыта. Ону ааһан «Сааскы тыал», «Сандаарар саҕахтар», «Оҕолор», «Суох буоллун сэрии», «Доҕордуулар», «Олох уһун суолугар» уо.д.а. кинигэлэр ааптардара. Степан Тимофеев оҕолорго анаан суруйбут поэттартан биирдэстэрэ. С. Тимофеев хоһоонноро ырыа буолан ылламмыттара, нууччалыы, буряттыы, туркменныы, киргизтии, эбээннии тылбаастаммыттара. Кини Е. Ильин «Четвертая высота», Д. Мамин-Сибиряк кэпсээннэрин, А. Гайдар «Р.В.С.» , К. Симонов «Живые и мертвые» трилогиятын, П. Журба «Александр Матросов» айымньыларын тылбаастаабыта.   Оҕолорго айымньылара:
  1. Доҕордуулар : кыра саастаах оскуола оҕолоругар [хоһооннор] https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open/39281
  2. Оонньуурдар : (остуоруйа) : [кыра саастаах оҕолорго] https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open/36964
  3. Оҕолор : [хоһооннор] https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open/36965
  4. Уйгулаах унаарга : [хоһооннор] https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open/36963
  5. Ымыы : [хоһооннор] https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open/36967
  6. Үлэ барыта үчүгэй : [хоһооннор] https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open/41311
  Тылбаастара:
  1. Гайдар А.П. Р.Б.С. : [орто саастаахтарга] https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open/36959
  2. Мамин-Сибиряк, Дмитрий Наркисович. Кэпсээннэр https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open/36958
  3. Перро, Шарль. Күлчээнэ : [кыра саастаахтарга остуоруйа] https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open/36960
  Эбии көр:
  1. Детям о писателях-фронтовиках Якутии. Вып. 1 https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open/47846 
  2. Детям о писателях-фронтовиках Якутии. Вып. 2 https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open/47847 
  3. Тематическая коллекция в ЭБ НБ РС (Я) «Писатели Якутии — участники Великой Отечественной войны»  https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/collections/1101 
  4. Тематическая коллекция в ЭБ НБ РС (Я) «Писатели-фронтовики Якутии – детям» https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/collections/1293

Насколько вам понравилась публикация?

Средняя оценка 0 / 5. Количество оценок: 0

Оценок пока нет. Поставьте оценку первым.