Skip to main content

Эртюков Иннокентий Илларионович

0
(0)
  (24.11.1916 — 06.06.1991) Поэт, тылбаасчыт Иннокентий Илларионович Эртюков 1916 сыллаахха сэтинньи 24 күнүгэр Таатта улууһугар төрөөбүтэ.  Идэтинэн археолог, историческай наука кандидата. 1940 сыллаахха Дьокуускайдааҕы учуутал институтун историческай факультетын үөрэнэн бүтэрбитэ. Оскуолаҕа, «Эдэр коммунист» , «Бэлэм буол» хаһыаттарга, «Хотугу сулус» сурунаалга үлэлээбитэ, Саха сирин Суруйааччыларын Союһун эппиэттээх сэкирэтээринэн сылдьыбыта. 1942 сыллаахха Советскай Армия кэккэтигэр ыҥырыллыбыта. Румынияны, Болгарияны, Венгрияны, Австрияны босхолооһуҥҥа кыттыыны ылбыта. «Кыһыл сулус» уордьанынан, «Бойобуой үтүөлэрин иһин», «Будапешты ылыы иһин», «1941-1945 сс. Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Германияны кыайыы иһин» мэтээллэринэн наҕараадаламмыт. 1937 сыллаахтан айымньылара бэчээттэммиттэрэ. «Талыллыбыт хоһооннор», «Суолга», «Тыа ырыата», «Күөрэгэйдэр ыллыыллар», «Сир оҕолоро», «Тайҕа Сэмэнин сэһэнэ» уо.д.а. кинигэ ааптардара. Иннокентий Эртюков В. Катаев, С.Маршак хоһооннорун, Украина поэттарын, С. Аксаков «Аленький цветочек» остуоруйатын сахалыы саҥардыбыта. Иннокентий Илларионович Эртюков 1991 сыллаахха, бэс ыйын 6 күнүгэр өлбүтэ. Оҕолорго айымньылара:
  1.  Кыталыктар : хоһооннор : кыра саастаах оскуола оҕолоругар https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open/75437
  2. Кыыллар: хоһооннор https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open/13295
  3. Саҥа дьиэҕэ : (оҕо кэпсээнэ) https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open/13294
  4. Сүөһүлэр, дьиэ көтөрдөрө: хоһооннор https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open/75454
  5. Тайҕа Сэмэнин сэһэнэ : үс дьикти туһунан номох : кыра уонна орто саастаах оҕолорго https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open/75436
  Тылбаастара:
  1. Аксаков, Сергей Тимофеевич. Тэтэгэркээн сибэккичээн : [кыра уонна орто саастаах оҕолорго остуоруйа] https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open/30759
  2. Катаев, Валентин Петрович. Полк уола : повесть : [орто саастаах оҕолорго] https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open/30800
  Эбии көр:
  1. Детям о писателях-фронтовиках Якутии. Вып. 1 https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open/47846 
  2. Детям о писателях-фронтовиках Якутии. Вып. 2 https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open/47847
  3. Тематическая коллекция в ЭБ НБ РС (Я) «Писатели Якутии — участники Великой Отечественной войны»  https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/collections/1101
  4. Тематическая коллекция в ЭБ НБ РС (Я) «Писатели-фронтовики Якутии – детям» https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/collections/1293

Насколько вам понравилась публикация?

Средняя оценка 0 / 5. Количество оценок: 0

Оценок пока нет. Поставьте оценку первым.