(04.03.1877 — 06.06.1926)
А.Е.Кулаковскай — Өксөкүлээх Өлөксөй — саха литературатын төрүттээччи, айар тыл аҕата, биир саамай киэн туттар улуу киһибит, саха биир бастакы үөрэхтээҕэ, бөлүһүөгэ.
Кини Ботуруускай улууһун IV Дьохсоҕон нэһилиэгэр кулун тутар ый 4 (16) күнүгэр 1877 сыллаахха төрөөбүтэ. Оҕо сааһа саха аатырбыт-сураҕырбыт, устар ууну сомоҕолуур олоҥххоһуттарын, тойуксуттарын, сэһэнньиттэрин ортолоругар ааспыта. Ол курдук, улуу олоҥхоһуттар Табаахырап, Чээбий, аатырбыт Ырыа Мииккэ, Ырыа Ылдьаа, Маалгын уо.д.а. ырыаларын-тойуктарын бэйэтин этигэр-хааныгар иҥэриммитэ, олоххо, тулалаан турар эйгэҕэ билиитин-көрүүтүн аан бастаан норуот уус-уран айымньытын сомсон ылбыта.
Өлөксөй уонча саастааҕар Чурапчы 4 группалаах оскуолатыгар аан маҥнай үөрэххэ биэрбиттэрэ. 1890 сыллаахха бу оскуоланы туйгуннук үөрэнэн бүтэрбитэ. Оскуолаҕа үөрэнэр кэмнэригэр норуот уус- уран айымньыларын араас көрүҥнэрин хомуйуунан дьарыктаммыта, бэйэтэ эмиэ хоһоон суруйан холонон көрөрө. Дьокуускайга киирэн биир сыл духовнай училищеҕа үөрэммитэ, нөҥүө дьылыгар реальнай училищеҕа көһөн үөрэнэр.
А.Е.Кулаковскай 13 саайыттан, норуот уус- уран айымньытын хомуйуунан үлүһүҋбүтэ, ордук дьаныһан туран норуот айбыт өһүн хоһооннорун, олоҥхолору уонна Манчаары туһунан норуот номохторун хомуйбута. Билигин СР Наукаларын Академиятын архивыгар А.Е.Кулаковскай хомуйбут Тыгын, кини уола Таас Уллунгах, Кээрэкээн ойуун уо.д.а. тустарынан үлэлэрэ, норуот араас ырыалара-тойуктара бааллар. А.Е.Кулаковскай ити уонна атын да үлэлэрин түмүгүнэн 1923 сыллаахха “Материалы для изучения верований якутов” диэн научнай үлэтин бэчээттэппитэ. Оттон 1925 сыллаахха А.Е.Кулаковскай “Инструкция для собирания сведений о шаманизме у якутов” диэн ааттаах үлэтэ бэчээттэммитэ.
Өксөкүлээх Өлөксөй 1900 с. айбыт «Байанай алгыһа» диэн хоһоонуттан суруйааччы айар үлэтэ саҕаламмыта уонна саха литературата үөскээбитэ.
Саха литературатын үөрэтээччи В.Б.Окорокова “Саха литературата: (абитуриеҥҥа көмө)” кинигэтигэр Өксөкүлээх Өлөксөй айар үлэтин үс кэрдиис кэмҥэ араарар:
1. 1900-1908 сыллар. Бу Өксөкүлээх Өлөксөй айар үлэтин саҕаланыыта, эдэр поэт бастакы айымньыларын суруйуута.
2. 1909-1916 сылларга Өксөкүлээх Өлөксөй сүрүн айымньыларын суруйбута, айар үлэтин чыпчаала. Бу сиппит-хоппут суруйааччы чулуу айымньылара этилэр.
3. 1923-25 сылларга поэт советскай кэмҥэ айар үлэтэ.
Өксөкулээх — Өлөксөй барыта отуттан тахса хоһооннору, поэмалары айан хаалларбыта. Олортон «Ойуун түүлэ* поэмата (1910 с.) уһулуччу чорбойор.
Баку куоракка буолуохтаах тюркологтар Бастакы съезтэригэр кытта баран иһэн, өр кэмтэн аалбыт ыарыыта бэргээн, Москваҕа 1926 с. бэс ыйын 6 күнүгэр өлбүтэ. Онно көмүллүбүтэ.
Айымньылара, үлэлэрэ:
-
- А. Е. Кулаковский о русском народе, его культуре https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open/11701
- Байанай алгыһа = Благословение Байаная = A blessing of Bayanai https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open/
- Ибир самыыр https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open/2371
- Кулаковскай уонна хомус = Кулаковский и хомус = Kulakovsky and khomys = Kulakowskiji und chomoss = Koulakovski et le khomous https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open/32253
- Манчары = Манчаары https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open/11944
- Материалы для изучения верований якутов https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open/3024
- Научные труды https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open/2141
- Ойуун түүлэ https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open/2139
- Статьи и материалы по якутскому языку = Саха тылын туһунан ыстатыйалар уонна матырыйааллар https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open/11945
- Үһүйээннэр, номохтор = Легенды, былины https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open/2366
- Хоһооннор. Тылбаастар. Өс хоһоонноро. Таабырыннар. Рефераттар / Өксөкүлээх Өлөксөй : [ орто уонна улахан саастаах оскуола оҕолоругар] https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open/2369
- Ырыалар-хоһооннор = Стихи и песни https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open/27191
- Ырыа-хоһоон https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open/11946
- Якутские пословицы и поговорки, собранные А. Е. Кулаковским https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open/2990
- Якутские пословицы и поговорки = Саха өһүн хоһооно https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open/10551
- Якутской интеллигенции: (варианты письма) https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open//80421
Аудио:
- А.Е.Кулаковскай — Өксөкүлээх Өлөксөй. Айылҕа көстүүлэрэ, көтөр -сүүрэр, үөн -көйүүр https://kids.nlrs.ru/a-e-kulakovskaj-ks-k-leekh-l-ks-j-ajyl-a-k-st-lere-k-t-r-s-rer-n-k-j-r/
- Арыгы : [аудиохоһоон] https://kids.nlrs.ru/kulakovskaj-aleksej-eliseevich-ks-k-leekh-l-ks-j-arygy-audiokho-oon/
- Былыргылыы алгыс : [аудиохоһоон] https://kids.nlrs.ru/kulakovskaj-aleksej-eliseevich-ks-k-leekh-l-ks-j-bylyrgylyy-algys-audiokho-oon/
- Куорат кыргыттара : [аудиохоһоон] https://kids.nlrs.ru/kulakovskaj-aleksej-eliseevich-ks-k-leekh-l-ks-j-kuorat-kyy-a-audiokho-oon/
- Ойуун түүлэ : [аудиозапись] https://kids.nlrs.ru/a-e-kulakovskaj-ks-k-leekh-l-ks-j-ojuun-t-le-audiozapis/
- Оттоку олук алгыһа : [аудиопоэма] https://kids.nlrs.ru/kulakovskaj-aleksej-eliseevich-ks-k-leekh-l-ks-j-ottoku-oluk-algy-a-audiopoema/
- Өй, сүрэх икки мөккүөрэ: [аудиозапись] https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open/107804
- Өй, сүрэх икки мөккүөрэ : [аудиопоэма] https://kids.nlrs.ru/aleksej-eliseevich-kulakovskaj-ks-k-leekh-l-ks-j-j-s-rekh-ikki-m-kk-re-audiopoema/
- Сайын кэлиитэ: [аудиопоэма] https://kids.nlrs.ru/kulakovskaj-aleksej-eliseevich-ks-k-leekh-l-ks-j-sajyn-keliite-audiopoema/
- Саха дьахталларын мэтириэттэрэ: [аудиозапись] https://kids.nlrs.ru/kulakovskaj-aleksej-eliseevich-ks-k-leekh-l-ks-j-sakha-dakhtallaryn-metiriettere-audiozapis/
- Сүүһүн туолбут эмээхсин ырыата : [аудиопоэма] https://kids.nlrs.ru/a-e-kulakovskaj-ks-k-leekh-l-ks-j-s-n-tuolbut-emeekhsin-yryata-audiopoema/
- Төрүү илигиттэн түҥнэри төлкөлөппүт: [поэма]. аудиокнига https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open/112184
- Хомус : [аудиохоһоон] https://kids.nlrs.ru/aleksej-eliseevich-kulakovskaj-ks-k-leekh-l-ks-j-khomus-audiokho-oon/
- Эр аһыыта : [аудиохоһоон] https://kids.nlrs.ru/kulakovskaj-aleksej-eliseevich-ks-k-leekh-l-ks-j-er-a-yyta-audiokho-oon/
Эбии көр:
- Алексей Елисеевич Кулаковский — Өксөкүлээх Өлөксөй https://landscape.nlrs.ru/32
- Викторина “Улуу Өксөкүлээх Өлөксөй” https://kids.nlrs.ru/uluu-ks-k-leekh-l-ks-j/
- Виртуальная выставка «Я должен быть там, где тяготит более…» https://kids.nlrs.ru/virtualnaya-vystavka-ya-dolzhen-byt-tam-gde-tyagotit-bolee/
- Дыгын уола — Таас Уллуҥах = Таас Уллунгах — Сын Дыгына: (А. Е. Кулаковскай «Научнай үлэлэр» кинигэтигэр киирбит номоххо ойуу кинигэ). Луковцев Марк https://kids.nlrs.ru/?post_type=post&p=20985
- Кулаковский Алексей Елисеевич https://kids.nlrs.ru/kulakovskiy-poleznuye-ssulki/
- Тематическая коллекция в ЭБ НБ РС (Я) «Кулаковский Алексей Елисеевич — Өксөкүлээх Өлөксөй (Ексекюлях Алексей)» https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/collections/619