Skip to main content

Өрөспүүбүлүкэ оҕолоругар «TUOS» ааҕыы кэмпириэнсийэтэ ыытылынна

0
(0)

Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүн көрсө өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн араас хабааннаах, олус интэриэһинэй тэрээһиннэр ситимин быспакка сыллата ыытыллаллар.

Ол курдук, өрөспүүбүлүкэ оскуолаларын үөрэнээччилэригэр «TUOS» ааҕыы кэмпириэнсийэтэ ыытылынна. Бу кэмпириэнсийэ сыала – соруга оҕо айар, ырытар, анаарар дьоҕурун, сахалыы саҥарар-толкуйдуур сатабылын сайыннарыы буолар.

Ааҕыы кэмпириэнсийэтэ икки түһүмэххэ арахсан үс бөлөҕүнэн ыытылынна. Өрөспүүбүлүкэ араас муннугуттан: Абыйтан, Орто Халыматтан, Чурапчыттан, Уус Алдантан, Ньурбаттан, Үөһээ Бүлүүттэн 137 оҕо кыттыыны ылла.

Кэмпириэнсийэ түмүгүн таһаарыытыгар экспертнэй дьүүллүүр сүбэ тэриллэн үлэлээтэ. «Кэскил» хаһыат уонна «Бэлэм буол» сурунаал эрэдээксийэтин эппиэттиир сэкирэтээрэ Прокопий Софронеев, «Саха НКИХ» ханаалын оҕолорго аналлаах сахалыы ойуулук режиссера Изабелла Егорова уонна «Оҕо сайдар, ааҕар киинэ» сүрүн бибилэтиэкэрэ Наталья Захарова экспертнэй сүбэ үлэлэри сыаналаата.

Экспертнэй дьүүллүүр сүбэ үлэтин түмүгүнэн, саастарынан наардаан, бастыҥ үлэлэргэ добун сурук туттарыллыаҕа. Ол курдук, кэмпириэнсийэ үлэтин хайысхаларын, сиэксийэлэринэн:

«Мин сөбүлээн аахпыт айымньым» оскуола алын сүһүөх үөрэнээччилэригэр:

Бастакы үрдэл М. Айсиэн Ньурба куорат №3 орто оскуола 3 кылааһын үөрэнээччитэ;

Иккис үрдэл А. Егор Ньурба куорат С. Васильев аатынан гимназия 4 кылааһын үөрэнээччитэ;

Үһүс үрдэл Г. Айыына Дьокуускай куорат №17 орто оскуола 3 кылааһын үөрэнээччитэ.

Оскуола орто сүһүөх үөрэнээччилэригэр:

Бастакы үрдэл К. Петр Ньурба куорат техническай лицей 5 кылааһын үөрэнээччитэ;

Иккис үрдэл А. Снежана  Ньурба улууһун Д. И. Николаев аатынан Киирэп орто оскуола 7 кылааһын үөрэнээччитэ;

«Оҕо таптыыр суруйааччыта»:

Бастакы үрдэл Ч. Володя Дьокуускай куорат №17 орто оскуолатын 3 кылааһын үөрэнээччитэ;

Иккис үрдэл С. Евгений Дьокуускай куорат Айыы кыһата национальнай гимназия  4 кылааһын үөрэнээччитэ;

«Тыыннаах айымньылар»: оскуола алын сүһүөх үөрэнээччилэригэр:

Бастакы үрдэл Дьокуускай куорат №17 орто оскуола 2 кылаас үөрэнээччилэрэ;

Иккис үрдэл Ньурба улууһун Н. Н. Чусовской аатынан Антоновка орто оскуола «Айуу, чэ!» театральнай студия оҕолоро;

Үһүс үрдэл Чурапчы улууһун Т. М. Каженкин аатынан Арыылаах орто оскуола «Чолбон» театральнай студия оҕолоро.

Оскуола орто сүһүөх үөрэнээччилэригэр:

Бастакы үрдэл Уус Алдан улууһун А. Н. Жирков аатынан Бэйдиҥэ орто оскуола 7 кылаас үөрэнээччилэрэ;

Иккис үрдэл Үөһээ Бүлүү улууһун Мэйик сүрүн оскуола 6 кылаас үөрэнээччилэрэ;

Үһүс үрдэл Чурапчы улууһун Т. М. Каженкин аатынан Арыылаах орто оскуола «Чолбон» театральнай студия оҕолоро.

Күрэххэ кыттыбыт бары оҕолор туоһу сурук тутуохтара.

«Маннык хабааннаах тэрээһиннэр ыытыллаллара олус үчүгэй, хайҕабыллаах суол. Саха оҕото төрөөбүт тылын билиэхтээх, харыстыахтаах, санаатын толору арыйыахтаах, Төрөөбүт тылбыт, сурукпут-бичикпит инникитэ кэскиллээх буоллун диэн улаханныын — кыралыын кыһаллыахтаахпыт», – диэн бэйэтин санаатын үллэһиннэ кэмпириэнсийэ экспертнай сүбэһитэ Наталья Захарова.

 

Дипломнар

Насколько вам понравилась публикация?

Средняя оценка 0 / 5. Количество оценок: 0

Оценок пока нет. Поставьте оценку первым.