Skip to main content

Үөрэх — билии аанын аһан!

0
(0)

Оскуолаҕа үөрэммит сыллар умнуллубат, саамай кэрэ-бэлиэ кэмнэр буолаллар. Ол туһунан ырыалар, хоһооннор, араас айымньылар элбэхтэр.

Саҥа үөрэх дьыла саҕаламмытынан эҕэрдэлиибит, национальнай библиотека электроннай библиотекатыгар баар, оскуола оҕолорун туһунан кэпсиир кинигэлэри билиһиннэрэбит. Күн аайы саҥаттан саҥаны үөрэтиҥ, ааҕыҥ, билиилээх дьон буола улаатыҥ.

Саха литературатын народнай суруйааччыта Семен Руфов оҕолорго анаан суруйбут истиҥ-иһирэх, көрдөөх-нардаах хоһооннорун ааҕыҥ https://school.e.nlrs.ru/open/12011

 

Бу кинигэ сүнньүнэн үлэни таптыыр , үчүгэй оҕолору хайгыыр, ону сэргэ, сыа быыһыгар быччаххай кыбыллыбытыгар дылы, үчүгэйдэр ортолоругар мэник-тэник, сүрэҕэлдьэс, чанчарык оҕолор «кылаҥнаһан» ааһалларын сэмэлиир-суҥхалыыр https://school.e.nlrs.ru/open/28443

Уруокпун үөрэтэртэн

Олус сүрэҕэлдьээн,

Аһыллыбыт кинигэбин

Аахпакка олордохпуна

Уоттаах харах куоскам

Олоппоско ытынна.

Курдьугунуу-курдьугунуу

Олоҥхолоон барда. … (салгыы көрдөөх сырыылар кэтэһэллэр,  манна киирэн аа5ыҥ) https://school.e.nlrs.ru/online/12571  

Саха литературатын народнай суруйааччыта Иван Мигалкин оҕолор тустарынан кэпсээннэрэ, ону таһынан «Аптаах собо», «Куоска уонна кутуйах» о.д.а. остуоруйалара киирбиттэр https://school.e.nlrs.ru/open/14889

 

 

 

 

«Коля, Ваня, Миша төрдүс кылааска үөрэнэллэр. Үһүөн тас көрүҥнэринэн бэйэ-бэйэлэригэр букатын маарыннаспаттар: Коля модьу-таҕа быһыылаах, бэйэтигэр толору сөп эттээх; Ваня хатыҥыр эрээри, барыларыттан уҥуоҕунан улахан; оттон Миша—саамай аччыгыйдара. Үһүөн доҕордуулар»… https://school.e.nlrs.ru/open/24193

 

 

Буукубалар эмиэ мунньахтыыллар эбит. Иккис кылааска туйгуннук үөрэнэр Миша Иванов ол мунньахха сылдьыбыт. Эһигини эмиэ ыҥыраллар, киирэн көрүҥ, ыалдьыттаан https://school.e.nlrs.ru/open/27136

 

 

 

 

 

 

 

Билиигэ-көрүүгэ сирдиир, үлэҕэ-үөрэххэ иитэр, үлэһит киһи туһунан кэпсээннэр оҕо олоҕу-дьаһаҕы, тулалыыр эйгэни өйдөөн көрөн сыаналыы үөрэнэригэр тирэх буолуохтара https://school.e.nlrs.ru/open/13676

 

Оҕолоор, сайыҥҥы сынньалаҥҥытын хайдах атаардыгыт? Тэппэй уол курдук ду, атыннык ду? Тэппэй курдук боччумуран, саҥа үөрэх дьылын саҕалаан https://school.e.nlrs.ru/open/23715

Насколько вам понравилась публикация?

Средняя оценка 0 / 5. Количество оценок: 0

Оценок пока нет. Поставьте оценку первым.