Эргэ саҥа дьылга күндү кэһии туттубут — саҥа бэчээттэн тахсыбыт буруолуу сылдьар кинигэ! Ангелина Афанасьевна Кузьмина оҕолорго аналлаах «Мас тоҕо үүнэрий» диэн кинигэтин Оҕо ааҕар киинигэр бэлэхтээтэ. Автор бу кинигэтигэр Национальнай библиотека электроннай билиотекатыгар ааҕарга аһаҕас буоларын туһунан лицензионнай договорга илии баттаан сөбүлэҥин биэрдэ.
Ангелина Афанасьевна Тыл билимин кандидаата, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна, РФ суруналыыстарын Сойуустарын чилиэнэ. Ону тэҥэ “Саха этигэн тыла” саайты http://sakhaetigentyla.ru/ уонна “Саха суола” ютуб-ханаалы https://www.youtube.com/channel/UC4aWS9CkkemJoS_gci2fFxA салайан үлэлэтэр. Оҕолорго “Арыллыы” медиакуруһуогу салайар, улахан дьоҥҥо анаан сахалыы сөпкө суруйарга, саҥарарга үөрэтэр анал куурустары ыытар.
Ангелина Кузьмина «Оҕо сааһым тапталлаах кинигэтэ» диэн библиотека ютуб-каналын рубрикатыгар ыалдьыттаабыта https://youtu.be/Qj4_kkh-bc4
Элбэх тэрээһиннэргэ, ону тэҥэ «Тыл-омук тыына» республиканскай конкурска бииргэ улэлэһэбит.
Биһиги библиотекабыт доҕоругар — Ангелина Афанасьевнаҕа махталбытын тиэрдэбит уонна өссө да айар үлэтигэр үрдүк ситиһиилэри баҕарабыт!