Skip to main content

Николай Егорович Мординов – Амма Аччыгыйа

0
(0)
 
 
(06.01.1906 — 14.11.1994)  
 
-саха норуодунай суруйааччыта, тылбаасчыт, суруналыыс. Николай Егорович Мординов-Амма Аччыгыйа 1906 сыллаахха тохсунньу ый 6 күнүгэр Таатта улууһугар Харбалаах нэһилиэгэр Буор Дьиэ диэн кыракый алааска төрөөбүтэ. 1928 сыллаахха Дьокуускайдааҕы педагогическай техникуму, онтон 1931 сыллаахха иккис Москватааҕы государственнай университет тылга уонна литератураҕа салаатын үөрэнэн бүтэрэр.  Үгүс үлэтэ эдэр ыччаты, оҕону иитиигэ анаммыта. Оҕолорго аналлаах «Бэлэм буол» хаһыакка өр сылларга айымньылаахтык үлэлээбитэ. Аан-бастаан «Ийэ» диэн хоһоонун 1927 сыллаахха «Чолбон» сурунаалга бэчээттэтэн, айар үлэҕэ үктэммитэ. Онтон ыла, айымньы бары жанрыгар элбэх хоһооннору, пьесалары, кэпсээннэри, уочаркалары, сэһэннэри суруйталаан хаалларбыта. «Быһах угун кыстыммат» диэн кэпсээннэрин хомуурунньуга саха литературатын көмүс фондатыгар киирбитэ. Онтон «Сааскы кэм» диэн романа биир саамай сүҥкэн айымньы быһыытынан биллибитэ, элбэх омук тылыгар тылбаастанан, үгүс норуоттар биһирэбиллэрин ылбыта. Ити курдук, Амма Аччыгыйа «Сааскы кэм» диэн кэрэхсэбиллээх айымньыны суруйан саха литературатын үрдүк таһымҥа таһаарбыта, саха прозатьҥар роман жанра сайдыытыгар олук уурбута, саҥа талааннар тахсалларыгар көҕүлээбитэ. Хоһоонноро ырыа буолан ылламмыттара, 1926 сыллаахха суруйбут «Маҥнайгы учууталбар» диэн хоһоонун саха норуота күн бүгүнүгэр диэри уостан түһэрбэккэ ыллыыр. Ону таһынан, уус-уран тылбаас историятыгар сүдү кылааты киллэрбит  киһинэн  биллэр, нуучча уонна атын омук улуу суруйааччыларын айымньыларын сахалыы тылбаастаабыта. Михаил Лермонтов, Лев Толстой, Михаил Шолохов, Николай Погодин, Фридрих Шиллер уонна да атын автордар айымньыларын сахалыы саҥардыбыта. Николай Егорович ССРС уонна РСФСР Үрдүкү Сэбиэттэрин депутатынан, суруйааччылар сьезтэрин делегатынан элбэх сыллар устата талылла сылдьыбыта. Кини иккитэ Үлэ Кыһыл Знамята орденынан, иккитэ Бочуот Знага орденынан, үгүс мэтээллэринэн наҕараадаламмыта. Кини аатын элбэх оскуола, уулусса, музей сүгэллэр. Амма Аччыгыйа 1994 сыллаахха сэтинньи ый 14 күнүгэр күн сириттэн барбыта.   
 
Сүрүн айымньылара:
  1. Беда: повесть https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open/31523 
  2. Быһах угун кыстыммат : (бытахай кэпсээннэр) https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open/27782 
  3. Весенняя пора : Роман https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open/10589 
  4. Весенняя пора: роман https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open/68531 
  5. Друзья-товарищи: повести https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open/47272 
  6. Дьон ортотугар : [хоһооннор, сэһэн, кэпсээннэр, ахтыылар : орто уонна улахан саастаах оскуола оҕолоругар] https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open//2395 
  7. Кэпсээннэр. Хоһооннор. Поэма. Очеркалар : [орто уонна улахан саастаах оскуола оҕолоругар]https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open/14085 
  8. Күнү көрсө : [кэпсээннэр, хоһооннор] https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open/2413 
  9. Повести https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open/47274 
  10. Сааскы кэм: роман https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open/35702 
  11. Сэрии : [очеркалар]https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open/2412 
  12. Тоҕус төгүл «тоҕо»? : Кыра саастаах оҕолоргоhttps://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open/713 7
  13. Уон сыл : [хоһооннор] https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open/3040 
  Тылбаастара:
  1. Кононенко, Е. Герой кыргыттар : [орто уонна улахан саастаах оҕолорго] https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open//47004 
  2. Короленко В.Г. Саха сирин туһунан https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open/7931 
  3. Короленко В.Г. Уоттар https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open/7930 
  4. Лермонтов М.Ю. Биһиги бириэмэбит геройа : [роман] https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open/32212 
  5. Михалков, С.В. Стёпа убай : [оскуолаҕа киириэх иннинээҕи саастаах оҕолорго] https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open/35923 
  6. Партизаннар : [киин хаһыаттарга бэчээттэммит ыстатыйалар хомуурунньуктара https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open/35920 
  7. Советскай Ийэ дойду туһугар : [хомуурунньук / тылб. Н. Е. Мординов] https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open/41393  
  8. Таня https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open/41378 
  9. Толстой Л.Н. Анна Каренина : 2 томнаах роман. Т.1 https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open/16599 
  10. Толстой Л.Н. Сэрии уонна эйэ : [роман]. Бастакы том https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open/17844 
  11. Толстой Л.Н. Сэрии уонна эйэ: [роман]. Иккис том https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open/16602 
  12. Толстой Л.Н. Сэрии уонна эйэ: роман. Төрдүс том https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open/16604 
  13. Толстой Л.Н. Сэрии уонна эйэ: роман. Үһүс том https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open/16603  
  14. Толстой Л.Н. Тиллии : роман https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open/16605 
  15. Шолохов, М.А. Чуумпу Дон : түөрт кинигэлээх романhttps://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open/14644 
  Аудио:
  1. Алдьархай : [аудиосэһэн] https://kids.nlrs.ru/mordinov-nikolaj-egorovich-amma-achchygyja-aldarkhaj-audiose-en/
  2. Аптаах тыл : [аудиофрагмент] https://kids.nlrs.ru/nikolaj-egorovich-mordinov-amma-achchygyja-aptaakh-tyl-audiofragment/
  3. Куйуур : [аудиокэпсээн] https://kids.nlrs.ru/nikolaj-egorovich-mordinov-amma-achchygyja-kujuur-audiokepseen/ 
  4. Кэрэх абааһыта : [аудиокэпсээн] https://kids.nlrs.ru/nikolaj-egorovich-mordinov-amma-achchygyja-kerekh-abaa-yta-audiokepseen/
  5. Мотуо : [аудиокэпсээн] https://kids.nlrs.ru/nikolaj-egorovich-mordinov-amma-achchygyja-motuo-audiokepseen/ 
  6. Сааскы кэм : [аудиороман] https://kids.nlrs.ru/mordinov-nikolaj-egorovich-amma-achchygyja-saasky-kem-audioroman/
  7. Тоҕус төгүл «тоҕо»?: кыра саастаах оҕолорго https://kids.nlrs.ru/amma-achchygyja-to-us-t-g-l-to-o-kyra-saastaakh-o-olorgo/
  8. Тоҕус төгүл Тоҕо? : [аудиокэпсээннэр] https://kids.nlrs.ru/nikolaj-egorovich-mordinov-amma-achchygyja-to-us-t-g-l-to-o-audiokepseenner/
  Эбии көр:
  1. Вася. Н. Е. Мординов- Амма Аччыгыйа «Тоҕус төгүл тоҕо?» кэпсээниттэн Үһүс «Тоҕо?» уонна Төрдүс «Тоҕо?» https://kids.nlrs.ru/vasya-n-e-mordinov-amma-achchygyja-to-us-t-g-l-to-o-kepseenitten-s-to-o-uonna-t-rd-s-to-o/
  2. Тематическая коллекция в ЭБ НБ РС(Я) «Амма Аччыгыйа — Мординов Николай Егорович» https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/collections/838
  3. Лауреаты Государственной премии имени П. А. Ойунского https://kids.nlrs.ru/laureaty-gosudarstvennoj-premii-imeni-p-a-ojunskogo/
  4. Лауреаты Государственной премии имени П.А.Ойунского https://kids.nlrs.ru/premiya-imeni-oyunskogo/
  5. Лауреаты премии Главы РС (Я) имени Н. Е. Мординова – Амма Аччыгыйа https://kids.nlrs.ru/laureaty-premii-glavy-rs-ya-imeni-n-e-mordinova-amma-achchygyja/
  6. Николай Егорович Мординов — Амма Аччыгыйа https://landscape.nlrs.ru/39
  7. Онлайн-игра “Н.Е.Мординов — Амма Аччыгыйа” https://kids.nlrs.ru/n-e-mordinov-amma-achchygyja/
 
 

Насколько вам понравилась публикация?

Средняя оценка 0 / 5. Количество оценок: 0

Оценок пока нет. Поставьте оценку первым.