
Кулун тутар 26 күнүгэр 1961 сыллаахха Горнай улууһун Бэрдьигэстээҕэр төрөөбүтэ.
1993 сыллаахха Дьокуускайдааҕы педучилищены, 2006 сыллаахха М.К.Аммосов аатынан СГУ педагогическай институтун бүтэрбитэ.
Төрөөбүт сиригэр Бэрдьигэстээххэ оҕо саадын иитээччитинэн үлэлиир.
Оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолорго анаабыт хоһооннорун 2009 сыллаахтан суруйар.
2010 сыллаахтан «Сыккыс» литературнай куруһуок чилиэнэ.
«Тэттик хоһооннор»(2010), «Иллээх оҕолор» (2011), «Үчүгэйиин!»(2015) кинигэлэр ааптардара. «Хатан», «Чуораанчык»,«Кыым», «Үлэ күүһэ», «Күрүлгэн» периодическай таһаарыыларга бэчээттэммитэ.
«СӨ Оскуола иннинээҕи үөрэҕирии сайдыытыгар кылаатын иһин» знагынан (2011) наҕараадаламмыта, СӨ Үөрэҕириитин туйгуна, Үлэ бэтэрээнэ, үрдүк категориялаах оҕо иитээччитэ.
Айымньылара:
- Иллээх оҕолор : хоһооннор / [Е. И. Александрова хаартыскаҕа түһэриилэрэ]. – Бэрдьигэстээх :«Үлэ күүһэ» хаһыат редакцията, 2011. – 32 с.
- Тэттик хоһооннор : хоһооннор. Бэрдьигэстээх : [и. с.], 2010. – 12 с . : ил.
- Үчүгэйиин!: хоһооннор : [төрөппүт оҕотугар ааҕарыгар]
Периодикаҕа тахсыбыт айымньылара:
- Аһыах иннинэ ; Ким ханна утуйар? ; Баҕа санаа; Иллээх оҕолор: хоһооннор // Кыым. – 2011. – Кулун тутар 17 к. – С. 47. – (Хоһоонно үөрэт).
- Аттар ; Мээчик ; Саарыктар ; Балык : хоһооннор / худож. М. П. Баишева // Чуораанчык. -2011. – № 5. – С. 14-15. https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open/77362
- Ахтылҕан : хоһоон // Сыккыс. – Горнай. – 2015. – № 5. – С. 61.
- Дьыл кэмнэрэ, айылҕа көстүүлэрэ : Тыал ; Сайыҥҥы ардах ; Отон ; Саас кэллэ; Ардах кэнниттэн ; Күн ; Дьыл кэмнэрэ; Хатыҥ ; Кыһын ; Хаар ; Күнчээн; Мэник хаар ; Сайын ; Сибэкки ; Луук. Айылҕа оҕолоро (кыыллар) : Ыт oҕoтo ; Чыычаах ; Эһэ ; Сибиинньэ ; Куобах ; Кутуйах ; «Ким, ханна утуйар?» ; Аттар ; Кыыллар ; Куобахчаан ; *** Аттар араас өҥнөөхтөр ; *** Слон, жираф, хахай : хоһооннор // Сыккыс. – Горнай. -20 14. – № 4. – С. 92-93.
- Дьыссаакка ; Балык ; Мээчик ; Сэрээккэ ; Кыһын ; Сибэкки ; Биһиги үһүөбүт : хоһооннор // Кыым. – 2010. – Ахсынньы 9 к. – С. 48. – (Хоһоонно үөрэт).
- Күнчээн тыгыый , оҕолору үөрдүүй! : хоһооннор // Хатан. – 2015. – № 9. – С. 48-49. – (Уһуйаан). https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open/14382
- Кустук : бэлэх кинигэчээн: хоһооннор // Хатан. – 2011. – № 7. – 25 с. https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open/14326
- Луук ; Кинигэ ; Саарыктар ; Саллаат ; Кыыллар : хоһооннор // Кыым. – 2011. – Кулун тутар 10 к. – С. 47. – (Хоһоонно үөрэт)
- Оҕо күүтэр ; Ийэ кунэ ; Оҕолор харахтара : хоһооннор // Үлэ күүһэ. – Горнай. -20 16 . – Алтынньы 26 к. – С. 3. – (Литературнай муннук).
- Саллаат буолуом ; Оонньуурдар : хоһооннор // Чуораанчык. – 2013. — № 3. – С. 6. https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open/77570
- Хачыал ; Балыксыт ; Саас кэллэ ; Оонньуурдар : хоһооннор // Кыым. -2011. – Кулун тутар 24 к. – С. 47. – (Хоһоонно үөрэт).
- Ыт оҕото ; Чыычаах ; Кыыллар ; Куобах ; Сибиинньэ ; Куоска Бааска ; Мэкчиргэ ; Эһэ ; Кутуйах ; Ким, ханна утуйар? ; Кыайыы күнэ ; Күөх Маай ; Дайаана ; Мин эбээм ; Ийэбин таптыыбын : хоһооннор // Күрүлгэн. – 2015. – № 1(42).- С . 67-68. https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open/14269
- Эһээм кэллэҕинэ; Биһиги үһүөбүт; Самолет; Игирэ уолаттар: хоһооннор // Үлэ күүһэ. – 2012. – Кулун тутар 24 к. – С. 3.