Күндү доҕоттор!
Тылгыт баайын хаҥатар, сайыннарар сыаллаах-соруктаах СОМОҔО ДОМОХ ООННЬУУТУГАР ыҥырабыт!
Умнубуккутун өйдүөххүт, саҥаны сомсуоххут диэн эрэнэбит!
СОМОҔО ДОМОХ ийэ тылбыт этигэн кэрэтэ, бэргэн этиитэ буолар.
Ол эбэтэр, ханнык да атын тылынан солбуллубат, уларыйбат формалаах тыллар ситимнэрэ, биир уустук өйдөбүлү биэрэр ньымалара буолар.