— саха норуотун бэйиэтэ, драматург, ССРС суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ, Россия культуратын үтүөлээх үлэһитэ, Саха АССР искусствотын үтүөлээх диэйэтэлэ, Бочуот бэлиэтин лауреаттара, Бүлүү улууһун бочуоттаах олохтооҕо.
(18.01.1930 – 22.11.1998)
“Иван Гоголев — билиҥҥи саха поэзиятын биир чулуу, туруу, талааннаах үлэһитэ. Хаһан да ахсаан биэрбэт ааттаах ат курдук, күүстээх күөнүнэн өрүү иннин диэки анньан иһэр, саҥаттан саҥа дабааннары дабайар. аартыктары арыйар үтүөкэннээх поэт”
Савва Тарасов
Иван Гоголев – Кындыл тохсунньу ый 18 күнүгэр 1930 сыллаахха Бүлүү сиригэр күн сирин көрбүтэ. 1954 сыллаахха А. М.Горькай аатынан Москватааҕы литературнай институту бүтэрбитэ. Онтон ыла сахатын норуотугар 50-ча ырыа, хоһоон, 20-ттэн тахса драма, поэма, роман, сэһэн бэлэхтээбитэ. Талааннаах драматург быһыытынан эмиэ киэҥник биллибитэ, кини айымньылара тыйаатырга эрэ буолбакка тыа кулууптарын сыаналарыгар элбэхтик туруоруллубуттара, ол курдук, «Наара суох» комедията үйэ чиэппэриттэн ордук кэмҥэ туруоруллан, норуот кутун туппута. Бу үтүөтүн үрдүктүк сыаналаан киниэхэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин искусствотын үтүөлээх диэйэтэлин аата иҥэриллибитэ. И. Гоголев өссө талааннаах прозаик, үс кинигэлээх «Хара кыталык», «Үһүс харах» романнарын, «Мин эһигини таптыыбын», «Олорор мутуккун кэрдимэ», «Иэйэхсити кэлэтии» о.д.а сэһэннэрин суруйталаабыта. Саха дьоно кыратыттан улаханыгар тиийэ үөрбүт-хомойбут кэмнэригэр И. Гоголев ырыатын ыллыыллар, хоһоонун ааҕаллар. Кини ырыаны таптааччыларга 30-н тахса ырыа тылын суруйбута. Олор истэригэр Саха сирин гимнэ буолбут «Сахам сирэ барахсан», «Аан дойду ыччатын сүрэҕэ» ордук ойуччу суолталаахтар. Бу ырыалары тэҥэ «Хохочой», «Эһиэкэй», «Туйаара» уо. д. а. ыччат таптаан ыллыыр ырыаларын суруйан И. Гоголев Саха комсомолун бириэмийэтин лауреатын аатын ылбыта Оҕолорго анаан «Харса суох Хампаадай» хоһооннорун хомуурунньугун, «Эһэкээн үөһэ» сэһэнин, фолькор матыыбыгар остуоруйалары, «Хотугу сибэкки» либретто суруйан хаалларбыта.Оҕолорго айымньылара:
- Араҥас сулус : (остуоруйалар) https://new.nlrs.ru/open/41272
- Ийэ энэлгэнэ https://new.nlrs.ru/open/13171
- Ищу волшебный подснежник: стихи https://new.nlrs.ru/open/35728
- Не думай о себе слишком плохо (Сказка) https://new.nlrs.ru/open/12205
- Тохсунньу харыйата : (cонеттар, поэмалар) https://new.nlrs.ru/open/35017
- Хаарчаана : хоһооннор уонна остуоруйалар хомуурунньуктара https://new.nlrs.ru/open/28112
- Харса суох Хампаадай : Кыра саастаах оҕолорго https://new.nlrs.ru/open/14132
- Эһэкээн үөһэ : Сэһэн: Улахан уонна орто саастаах оскуола оҕолоругар. https://new.nlrs.ru/open/14130
- Манчаары : [аудиороман] https://kids.nlrs.ru/ivan-gogolev-kyndyl-manchaary-audioroman/
- Олорор мутуккун кэрдимэ : [аудиороман] https://kids.nlrs.ru/gogolev-ivan-mikhajlovich-kyndyl-oloror-mutukkun-kerdime-audioroman/
- Үһүс харах : [аудиороман] https://kids.nlrs.ru/gogolev-ivan-mikhajlovich-kyndyl-s-kharakh-audioroman/
- Хара кыталык : [аудиороман] 1,2,3 кинигэлэрэ https://kids.nlrs.ru/gogolev-ivan-mikhajlovich-kyndyl-khara-kytalyk-t-lk-audioroman/
- Тематическая коллекция в ЭБ НБ РС(Я) «Кындыл — Гоголев Иван Михайлович» https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/collections/1158