Поэт, тылбаасчыт Иннокентий Иванович Артамонов 1928 сыллаахха сэтинньи 21 күнүгэр Уус-Алдан оройуонугар төрөөбүтэ.
1942-43 сс. Уус-Алдан оройуоннааҕы народнай суутун сэкирэтээринэн үлэлээбитэ.1957 сыллаахха саха государственнай университетын историко-филологическай факультетын үөрэнэн бүтэрэн баран, отуттан тахса сыл Дьокуускайдааҕы кинигэ кыһатын эрэдээктэринэн үлэтин үлэлээбитэ..
Суруйааччы саха литературатыгар 1949 сыллаахтан биллэн барбыта. «Үтүө сарсыарда» диэн бастакы хоһооннорун хомуурунньуга 1959 сыллаахха бэчээттэммитэ. «Хотугу сибэкки», «Таасчыт», «Тыыннаах ырыа», «Күөх хонуу», «Мин мантан сэриигэ барбытым» о.д.а. кинигэлэр ааптардара.
Иннокентий Артамонов Советскай Армия кэккэтигэр ыҥырыллан, японскай милитаристары утары сэриигэ активнай кыттыыны ылбыта. Армияҕа да сулууспалыы, уоттаах сэрии ортотугар да сылдьан, эдэр поэт мэлдьи хоһоон суруйара.
Үгүс хоһоонноро ырыа буолан ылламмыттара. Иннокентий Артамонов хоһоонноро украинскайдыы, казахтыы, грузинныы уо.д.а. омук тылларыгар тылбаастаммыттара. Поэт бэйэтэ тылбаасчыт быһыытынан А. Пушкин, М. Лермонтов, С. Есенин, А. Твардовскай, Муса Джалиль уо.д.а. суруйааччылар айымньыларын сахалыы саҥардыбыта
Оҕолорго айымньылара:
(21.11.1928 — 30.04.2006)
- Күөх хонуу : кыра саастаах оҕолорго хоһооннор https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open/37758
- Тыыннаах ырыа : хоһооннор https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open/37757
- Хотугу сибэкки : Хоһооннор https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open/37756
- Хоһооннор. Поэмалар : [орто уонна улахан саастаах оскуола оҕолоругар] https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open/14087
- Чычып-чаап : [кыра оҕолорго хоһооннор] https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open/41269
- Эйэ чорооно: орто уонна улахан саастаах оҕолорго хоһооннор, поэма https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open/37745
- Детям о писателях-фронтовиках Якутии. Вып. 1 https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open/47846
- Детям о писателях-фронтовиках Якутии. Вып. 2 https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open/47847
- «Оҕо хоһоонун хонуутугар» литературнай оонньуу https://kids.nlrs.ru/o-o-kho-oonun-khonuutugar-literaturnaj-oonnuu/
- Тематическая коллекция в ЭБ НБ РС (Я) «Писатели Якутии — участники Великой Отечественной войны» https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/collections/1101
- Тематическая коллекция в ЭБ НБ РС (Я) «Писатели-фронтовики Якутии – детям» https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/collections/1293