Cаха народнай поэта Петр Николаевич Тобуруокап 1917 с. алтынньы ыйын 25 күнүгэр Үөһээ Бүлүү улууһун Ороһу нэһилиэгэр төрөөбүтэ.1937 с. Бүлүүтээҕи учуутал техникумун үөрэнэн бүтэриэҕиттэн оройуонугар тахсан оскуолаларга учууталынан, завуһунан, дириэктэринэн, кэлин үөрэх оройуоннааҕы салаатыгар тиийэ үлэлиир.
Сэрии саҕаламмытыгар төһө да броннааҕын үрдүнэн утуу-субуу хас да көрдөһүү сурук түһэрэн, 1942 с. Өргүөттэн 40-тан тахса киһилээх бөлөх иһигэр киирэн, фроҥҥа барбыта. Сталининградка тиийэн, пулемёт иккис нүөмэрэ буолан кыргыһыыларга кыттар, ыараханнык бааһыран, дойдутугар төннөр. Сэрииттэн кэлээт араас оскуолаларга саха тылын, сороҕор биология, география да курдук предметтэри үөрэтэрэ.
1961 с. М. Горькай аатынан Литературнай институт Үрдүкү литературнай курстарын бүтэрбитэ.
П.Н. Тобуруокап бастакы хоһооно 1934 с бэчээттэммитэ. «Буукубалар мунньахтара», «Чыычаахтары таптыыбын», «Бурҕаллай», «Тыҥырахтаах тыллар», «Таптыырга буруй суох», «Сүрэхтэр кэпсэтэр кэмнэрэ» уо.д.а. айымньылардаах. Саха народнай поэта Бүөтүр Тобуруокап хоһоонноро сытыы тыллаахтар, сырдык юмордаахтар, ырыа буолан ылламмыттара. Кырачаан ааҕааччыларга анаан элбэх хоһоону суруйан хаалларбыта.
Саха народнай поэта, талааннаах поэт П.Н. Тобуруокап 2001 сыл кулун тутар ыйыгар күн сириттэн барбыта.
Оҕолорго айымньылара:
(25.10.1917 — 06.03.2001)
- Буквалар мунньахтара https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open/27136
- Бурҕаллай : (остуоруйа-поэма) https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open/27806
- Илии тутуурдаах… : оҕо-эдэр сааhы ахтыы https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open/26183
- Күннүүн оонньуур күөрэгэйдэр : (оҕолорго хоһооннор, поэмалар, остуоруйалар) : [орто саастаах оскуола оҕолоругар] https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open/14796
- Күнү кытта оонньуубун : [хоһооннор] https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open/26182
- Лыах : кырааскалыы үөрэнэр кинигэ https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open/27119
- Маҥан тииҥ https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open/27120
- Сайын ханна барабын? : [хоһооннор : кыра саастаах үөрэх оҕолоругар] https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open/26179
- Тиэргэннээҕи зоопарк : [хоһооннор] https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open/27808
- Төкүнүк : Кыра саастаах оҕолорго хоһооннор https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open/26173
- Хоһооннор. Сэһэн. Кэпсээннэр. Остуоруйа. Пьеса https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open/13124
- Чабырҕах азбука: хоһооннор https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open/59996
- Чаҥый Чаҕаан : (омуннаах остуоруйа) https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open/26181
- Ытанньах герой буолбат : [хоһооннор] https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open/28111
- Харас : хоһооннор : [кыра саастаах оскуола оҕолоругар] https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open/75426
- «Отрывок» литературнай рубрика тохсус таһаарыытыгар Саха норуодунай бэйиэтэ, оҕо суруйааччыта, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа Петр Николаевич Тобуруокап «Буквалар мунньахтара» айымньыны билсиһиннэрэбит https://kids.nlrs.ru/?post_type=post&p=14766
- «Оҕо хоһоонун хонуутугар» литературнай оонньуу https://kids.nlrs.ru/o-o-kho-oonun-khonuutugar-literaturnaj-oonnuu/
- Бүөтүр Тобуруокап төрөөбүтэ 105 сылыгар аналлаах викторина https://kids.nlrs.ru/b-t-r-toburuokap-t-r-b-te-105-sylygar-anallaakh-viktorina/
- Детям о писателях-фронтовиках Якутии. Вып. 1 https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open/47846
- Детям о писателях-фронтовиках Якутии. Вып. 2 https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/open/47847
- Маркова Дайаана. Төрөлүк уонна Тэкэлик https://kids.nlrs.ru/markova-dajaana-t-r-l-k-uonna-tekelik/
- Петр Николаевич Тобуроков https://landscape.nlrs.ru/63
- Тематическая коллекция в ЭБ НБ РС (Я) «Писатели Якутии — участники Великой Отечественной войны» https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/collections/1101
- Тематическая коллекция в ЭБ НБ РС (Я) «Писатели-фронтовики Якутии – детям» https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/collections/1293
- Тематическая коллекция в ЭБ НБ РС (Я) «Тобуроков Петр Николаевич» https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school/collections/612