Бастакы дьокутаат Сахалартан Дьаһааҕы тэрийэр хамыыһыйа дьокутаата, Хаҥалас улууһун бастакы аҕа баһылыга Софрон Сыранов (сурэхтэммитинэн — Василий Вениаминович Сыранов) буолар. Кини Москуба куоракка ыраахтааҕыга тиийбит, алта саһыл тириитин бэлэх тириэрдибит уонна саха омугар дьокутаатынан анаа диэн көрдөспүт. Нуучча тылын билбэт буолан, икки тылбаасчыттаах барбыт — Уйбаан Заровняев уонна Борокуоппай Уваровскай. 1768 с. алтынньы ый 23 күнүгэр Хамыыһыйа мунньаҕар ыраахтааҕы анал уурааҕа тахсыбыт «о принятии Сыранова в число прочих депутатов и о произвождении ему надлежащего жалования, так как иные якуты не точно кочевые, но зиму прибывают в своих жилищах». Дьокутаат буолан, Софрон Сыранов үлэтин дьон накааһын хомуйарыттан саҕалаабыт. Дьон, киис аҕыйаан, дьаһааҕы уу харчыннан төлүүргэ диэн туруорсубут эбит. Онно эбии, дьаһаах төлөөччүлэр дьаам ыстаансыйаларын туттарбыт. Иркутскай тыраакка Хаҥаластар 10 ыстаансыйаны хааччыйан олорбуттар, Өлүөхүмэлэр — 8 ыстаансыйаны, онтон Охуоскай тыраакка Боотур уустар — 6 ыстаансыйаны. Өссө биир баҕа санаатынан дьаһаах төлөбүрүн саха кинээстэригэр көһөрөргө диэн эбит. Дьокутаат Сыранов ити киирбит накаастартан үһүн туруорсубут — ыстаансыйалары үбүлээһин, дьаһаах хомуурун кинээстэргэ биэрэри.
Бастакы саха кинээһэ Тыгын Дархан сиэнэ, Бөдьөкө Бөҕө уола Маһары Баһыакап Арассыыйа ыраахтааҕытыгар Москубаҕа икки төгүл бара сылдьыбыта биллэр. Бастакы сырыытыгар Нам кинээһэ Нокто Никинниин уонна Мэҥэ кинээһэ Төрөкө Орсукаевтыын, итиэннэ тылбаасчыт Максим Мухоплевтуун 1676 сыл сайыныгар аттанан баран ол сыл кыһыныгар Москубаны булаллар. Ахсынньы 25 күнүгэр Федор III ыраахтааҕыны (Федор Алексеевич Романов) көрсөллөр уонна 1677 с. тохсунньу 3 күнүгэр Сибиир бирикээһигэр челобитнай (Челобитная якутских родоначальников) түһэрэллэр, о.э. саха кинээстэрэ норуоттарын туһугар көрдөһүүлэрин тиэрдэллэр. Үс сыл буолан баран, 1679 сыллаахха, Маһары Москубаҕа иккистээн тиийэр. Бу сырыыга кинини кытары Бороҕон кинээһэ Чука Капчиков уонна Мэҥэ кинээһэ Чугун Бодоев барсаллар. Архыып матырыйааллара туоһулуулларынан, саха дэлэгээттэрэ сүҥкэн суолталаах соруктары ситиспиттэрэ. Бастатан туран, дьаһааҕы хомуйааччылар норуоту үтүргэннииллэрэ сымнаабыта, итиэннэ өлбүттэртэн дьаһаах түһээнин ылары тохтоппуттара уонна саха тойотторо дьаһаах хомуйуутугар кыттыһар бырааптаммыттара. Иккиһинэн, саха тойотторо уобаластарын иһинээҕи сорох дьыалалары бэйэлэрэ быһааралларыгар көҥүл ылбыттара. Маны таһынан, Маһары, тус бэйэтэ «кинээс» диэн илии баттыыр көҥүлү ылан, бойобуода кэнсилээрийэтигэр тыла-өһө ыйааһыннаммыта. Ол кэннэ 1680 сыллаахха саха тойотторугар официальнайдык улуус кинээстэрин солотун биэрэр ыйаах тахсыбыта. Онон Маһары сахалартан бастакы дипломат уонна кинээс буолар.
Дьокуускай бастакы бочуоттаах олохтооҕо «Дьокуускай куорат бочуоттаах олохтооҕо» ааты аан бастакынан Константин Николаевич Светлицкай күбүрүнээтэр 1889 сыл атырдьах ыйын 8 күнүгэр аылбыта. Кини Саха уобалаһыгар үлэлиир кэмигэр (1885-1889 с.) куораттааҕы публичнай бибилэтиэкэни арыйбыта итиэннэ Арассыыйа импиэрийэтин уонна Сибиир ыстатыыстыкатыгар уонна географияҕа сыаналаах кинигэлэри сиэртибэлээбитэ. Маны таһынан уобаластааҕы түмэли, сири оҥорорго бастыҥ холобур буолар пиэрмэни төрүттээбитэ. Светлицкэй уурааҕынан бириискэттэн киирэр үп 8000 солк. сыл ахсын куорат дьаһалтатыгар итиэннэ Дьокуускай — Аян быраҕыллыбыт суолу чөлүгэр түһэриигэ уонна өрөмүөҥҥэ ыытыллар буолбут.
Саха сирин бастакы бочуоттаах олохтоохторо / Первые почетные граждане Якутии 1997 сыл муус устар 24 күнүгэр СӨ Бочуоттаах олохтооҕо аатын норуодунай суруйааччы Дмитрий Кононович Сивцев — Суорун Омоллоон уонна геолог Саима Сафиевна Каримова ылбыттара. Дмитрий Кононович Сивцев – Суорун Омоллоон 1906 сыллаахха балаҕан ыйын 14 күнүгэр Таатта оройуонугар III Дьохсо5он нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Айар үлэтин «Хагдарыйбат ньургуһун» хоһоонунан 1926 с. саҕалаабыта. Маҥнайгы кэпсээнэ «Өлүөнэ өрүс», драмата «Күөх Көппө» эмиэ ити сыл суруллубуттара. 20-с сыллартан ааҕааччы кутун долгутар, олох туһунан дириң санааҕа киллэрэр «Өлүөнэ», «Аанчык», «Охоноон», «Сордоох суха» диэн кэпсээннэринэн саха литературатыгар киирбитэ. Саха драматургиятыгар сүрүн үтүөтэ-өҥөтө «Күкүр Уус», «Айаал», «Сайсары», «Күн күөрэйиэн иннинэ» драмалара. Сахалыы опера, балет сайдалларыгар олук үктээбитэ. Ол курдук кини — саха бастакы «Ньургун Боотур» оператын уонна «Сир симэҕэ» балетын либреттоларын ааптара. Итини таhынан, «Лоокуут уонна Ньургуhун», «Кыhыл Ойуун», «Умуллубат төлөн» опералар, «Хотойдор хоту көтөллөр», «Күн-Куо», «Дьол тааhа» балеттар либреттоларын суруйбута. Оҕо суруйааччытын быһыытынан «Чөөчө» уонна «Чүөчээски» курдук киэҥник биһирэммит кэпсээнинэн айымньылардаах. Саха остуоруйаларын, фольклорун оҕолорго тиэрдээччи, бэртээхэй учебниктары оҥортообута. Чөркөөххө общественность күүһүнэн Саха сирин политическай сыылкатын мемориальнай түмэлин, Ытык-Күөлгэ Хадаайыга аһаҕас халлаан анныгар литературнай-художественнай түмэл тэрийбитэ. Уус-Алдан Суоттутугар «Доҕордоһуу» историческай – архитектурнай комплекс- түмэли оҥорбут
Саима Сафиевна Каримова 1926 сыллаахха Киргизия сирин Фрунзе куоратыгар төрөөбүтэ. Устудьуоннуур сылларыгар Өлүөхүмэ геологическай-чинчийэр экспедициятыгар сылдьыбыта. Университеты бүтэрэн 1950 с. Алданнааҕы геологическай — чинчийэр экспедицияҕа (Укулаан бөһүөлэгэр) тиийбитэ. Сир баайын чинчийиигэ уонна хостооһуҥҥа уһулуччулаах өҥөлөрүн иһин, ону тэҥэ тохсус пятилетка былааннаммыт үлэтигэр үрдүк көрдөрүүлэрин иһин, кулун тутар 10 күнүгэр 1976 с. Саима Сафиевнаҕа Социалистическай үлэ Геройун аатын иҥэрбиттэрэ. Каримова кыттыытынан «Денисовское»,» Чульмаканскай» чохтоох сирдэр арыллыбыттара. Геология тиэмэтигэр аналлаах, 20-тэн тахса ыстатыйа ааптардарын быһыытынан биллэр.
Сахалартан бастакы байыаннай аҕабыыт Аҕабыыт Алексий, (төрөөбүт аата Василий Тимофеевич Оконешников) 1873 сыллаахха Халыма улууһун ХІІ нэһилиэгэр төрөөбүтэ. 14 саастаах уол Дьокуускайдааҕы миссионерскай училищеҕа үөрэммитэ. 1898 сыллаахха Казанскай учуутал семинариятын бүтэрэн баран Казанскай духуобунас академиятын иһинэн миссионерскай куурустарга киирэр. Үөрэҕин бүтэрэн Алексей Саха сиригэр төннөн кэлэн Дьокуускайдааҕы иккис кылаастаах церковно — приходской оскуола миссионерынан ананар. 1903 сыллаахха иеромонах Алексий Владивосток эскадратын састаабыгар «Рюрик» крейсерга аҕабыытынан ылыллыбыт. 1904 сыллаахха нуучча — дьоппуон сэриитэ саҕаланан. Дьоппуонары утары кыргыһыы кэмигэр атырдьах ыйын 1 күнүгэр 1904 сыллаахха «Рюрик» крейсер геройдуу охтубут. 120 киһилээх хамаанданы, ол иһигэр Алексийы билиэн ылбыттар. Сэрии сокуонунан быраастар уонна аҕабыыттар төттөрү төннөр бырааптаахтар эбит, ол иһин «Рюрик» крейсертэн Алексий соҕотох эрэ көҥүлгэ ыытыллыбыт. 1906 сыллаахха Семипалатинскай уобалас Зайсан куоратыгар байыаннай церковь аҕабыытынан үлэлиир. 1910 сыллаахха Томскай духуобунай семинарияҕа преподавателинэн үлэлээбитэ биллэр. Алексий Томскай куоракка өлбүтэ.
Саха сириттэн бастакы генерал — майор Притузов Андрей Иванович — гвардия генерал-майора, үс сэрии кыттыылааҕа, Хаҥалас оройуонун Ытык киһитэ. 1895 сыллаахха ахсынньы 30 күнүгэр Саха уобалаһын Покровскай сэлиэнньэтигэр дьаам сүүрдээччи кэргэнигэр төрөөбүтэ. 1915 сыллаахха аармыйаҕа ыҥырыллыбыта. Аан дойду бастакы сэриитигэр кыттыбыта. 1918 сыл саҕаланыытыгар Кыһыл аармыйаҕа бэйэтин баҕатынан киирбитэ, сулууспалаабыт чаасһа Деникины уонна поляктары утары сэриилэспитэ. Фрунзе аатынан Байыаннай академияны 1934 сыллаахха бүтэрбитэ. 1935 сыллаахха майор буолбута. 1938 с. балаҕан ыйыгар үөрэммит академиятыгар преподавателинэн ылбыттара. Онно 1942 с. диэри сулууспалаан баран, от ыйыгар фроҥҥа ыытыллыбыта. 14-с стрелковай корпус штабыгар оперативнай отдел начальнигынан анаммыта. Сталинград кыргыһыытыгар кыттыбыта. Салайбыт 61-с дивизията Соҕуруу Украинаны, Молдавияны ааспыта, Румынияҕа, Болгарияҕа, Югославияҕа, Венгрияҕа, Австрияҕа сэриилэспитэ. 1945 сыл ыам ыйын 8 күнүгэр Фельдбах куорат анныгар өстөөх оборуонатын көҥү көппүтэ. Ол кэнниттэн Грац куораты ылбыта. 1945 с. ыам ыйын ортотугар 104 стрелковай дивизия хамандыырынан анаммыта. Саха сириттэн бастакыннан генерал-майор сыбаанньатын ылбыта. Сэрии кэнниттэн Болгария Народнай Өрөспүүбүлүкэтигэр байыаннай советниктаабыта, Фрунзе аат. Байыаннай академияҕа куурус начаалынньыгынан сулууспалаабыта.
Бастакы мелодист Адам Васильевич Скрябин (18.05.1896—1938) — саха бастакы хормейстера, саха национальнай муусукатын култууратын төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ, саха ырыаларын тарҕатааччы. Олунньутааҕы өрөбөлүүссүйэ кэннэ үөскээбит «Саха аймах» культурнай-сырдатар уопсастыбаҕа киирэн, атын саха саарыннарын кытта культура, наука, искусство, үөрэх сайдыытыгар туһуламмыт үлэ үөһүгэр түһэн, саха бастакы хорун тэрийэр. Саха литературатын төрүттэспит Алампа Соппуруонаптыын доҕордоһон, сахалыы ырыалары айан саҕалыыр. Бу айар тандем үлэтин түмүгэр бэрт сотору «Ыччат сахаларга», «Үрүҥ туллук эрэ мөлбөстүүр…», «Оҕо-оҕо эрдэххэ…» курдук кэлин бар дьон уоһуттан түспэт буолбут ырыалар күн сирин көрбүттэрэ. Икки дьоҕурдаах дьон бииргэ үлэлэһиилэрин чыпчаалынан «Саха ырыата», норуокка биллибитинэн «Тыгын кырдьаҕас саҕаттан…» айымньы буолар (1919). Бу иччилээх тыллаах, киһи сүргэтин көтөҕөр ырыаны саха интеллигенцията таптаан ыллыыр буолбута, кэлин сэбиэскэй былааһы утары турбут бастаанньыстар гимнэригэр кубулуйан Илин Сибиири биир гына дуораһыйбыта, саха чулуу дьонун мүччүргэннээх кэмҥэ санааларын көтөхпүтэ… Сэбиэскэй былаас маҥнайгы сылларыгар Адам Васильевич губревком Саха секциятын иһинэн национальнай хору, саха национальнай ротатын иһинэн оркестры тэрийбитэ, педагогика техникумугар уонна куорат оскуолаларыгар музыка учууталынан үлэлээбитэ.
Первый скрипач-профессионал Василий Николаевич Свинобоев — Ленскэй олунньу 1 күнүгэр 1889 с. Орто-Халымаҕа төрөөбүтэ. 1934 с. диэри Ленскэй диэн псевдонимынан үлэлээбитэ. Концертнай уонна сырдатар үлэнэн күүскэ дьарыктаммыта. Кэнсиэртэригэр Венявскай, Мендельсон, Сен-Санс айымньыларын сөбүлээн туруорара, Дьокуускай куоракка П. Чайковскай «Евгений Онегин» оператын музыкальнай ансамбль доҕуһуоллаан тэрийэн туруорбута. Скрипичнай музыкаттан ураты инструментальнай искусство атын көрүҥнэрэ сайдарыгар төһүү күүс буолбута. 1920-1932 сс. кэмнэригэр фортепианнай толоруу сүнньүнэн камернай буолбута эмиэ кини аатын кытта сибээстээх. Оччотооҕу бэчээт туоһулуурунан, «скрипач Ленскэй күүстээх, баай, уйулҕалаахтык толорор туоннаах эбит. Кини кэнсиэртэрин музыкальнай репертуара, толорор ньымата , кырдьык да сөпкө үрдүк ситиһиилэнэллэрэ» (З. Винокурова «Саха сирин музыкатын туһунан «ыстатыйаттан).
Первый якутский композитор Марк Николаевич Жирков (08.04.1892—17.04.1951) — саха бастакы идэтийбит композитора, Саха государственнай национальнай хуорун тэрийээччи, фольклору хомуйааччы, уопсастыбаннай диэйэтэл 1892 сыллаахха муус устар 8 күнүгэр Бүлүү куоратыгар төрөөбүт. Музыкаҕа интэриэһэ оҕо эрдэҕиттэн биллибит. Олоҥхоһуттары сөбүлээн истэр эбит, домбраҕа, балалайкаҕа, гармоникаҕа, гитараҕа, скрипкаҕа оонньуурга үөрэммит, политическай ссыылкалаҕа сылдьан хорга ыллаабыта. 1936 сылтан 1951 сылга диэри Марк Жирков республикаҕа соҕотох идэтийбит композитор этэ. М. Жирков композиторскай нэһилиэстибэтэ жанра араас баай хайысхалардаах: ырыалар, норуот матыыбынан толоруу, инструментальнай пьесалар, опералар, балеттар. Композитор сүрүн сыала — соруга – саха профессиональнай музыкатын норуот айымньытыгар олоҕуран айыы. Г. И. Литинскэйдиин кыттыһан «Дьулуруйар Ньургун Боотур», «Сыгый Кырынаастыыр» уонна «Сир симэҕэ» балет- остуоруйаланы суруйбуттара. М. Н. Жирков 5 симфоническай айымньыны, 10 чаастаах фортепианоҕа аналлаах сюитаны, симфоническай оркестрга аналлаах маршы, инструментальнай айымньылары, кантаталары, квартеттары, «Ыһыах» театрализованнай кэнсиэрти, 35 хор ырыаларын айан-тутан хаалларбыта. Кини саха поэттарын тылларыгар (Г. Лобачевтуун уонна да атыттардыын) хас да ырыаны суруйбута, саха народнай ырыаларын сурунан, обработкалаан хаалларбыта, «Якутские песни для голоса и хора с сопровождением фортепиано» диэн хомуурунньугу таһаартарбыта
Бастакы идэтийбит худуоһунньук Иван Васильевич Попов Таатта улууһун Ытык Күөлүгэр 1874 с. аҕабыыт дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ. Петербурга биллиилээх худуоһунньук А.В. Маковскай мастарыскыайыгар үөрэнэн, сахалартан бастакы идэтийбит худуоһунньук буолар. Иван Васильевич итини сэргэ фотограф, чинчийээччи быһыытынан уонна эмтиир дьоҕурунан киэҥник сураҕырбыт. Кини кыра оҕо эрдэҕиттэн уруһуйдуурга баҕалааҕа, оччолорго кинини анаан үөрэтэр киһи суоҕа, бэйэтэ уруһуйдуу үөрэнэр. Кыра Ваняны саамай өйдүүр, өйүүр киһитэ эһэтэ Димитриан эбит — олохтоох норуот культуратыгар тапталы иҥэрэр, этнографическай матырыйааллары хомуйарга үөрэтэр. Өрөбөлүүссүйэ иннинээҕи кэмҥэ саха этнографиятын интэриэһиргээн үөрэппит, саха материальнай культуратын хомуйбут. Саха оһуордарын, норуот искусствотын уруһуйдататалаабыта. Худуоһунньук айбыт үлэлэриттэн «Дьокуускай XVII үйэ бүтүүтэ», «Саха ураһатын ис көстүүтэ», «Ойуун», «Ньирэй» хартыыналар, олонхоһут Табаахырап, протоиерей Д.В. Хитров, митрополит Иннокентий (Вениаминов) мэтириэттэрэ, итиэннэ бэйэтин автопортрета саха ойуулуур-дьүһүннүүр искусствотын чулуу айымньыларынан буолаллар. Биһиэхэ, Саха сиригэр, аатырбыт маастардар Леонардо да Винчи «Мадонна Литта», Карло Дольчи «Св. Цецилия», Тициан «Христос и фарисей», Н.Н. Ге «Моление о чаше», «Иуда», К.Б. Вениг «Русская девушка» диэн Нуучча Музейыгар хараллан сытар үлэлэрин устан куоппуйалаабыта бааллар. Иван Васильевич түһэрэн хаалларбыт хаартыскалара уус-уран айымньы буолалларын таһынан, этнографияҕа, историяҕа олус улахан суолталаахтара биллэр. 1917 сыллаах революция иннинэ кини Нуучча Географическай уопсастыбатыгар киирбитэ. Суурбэһис сылларга «Саха кэскилэ» научнай-чинчийэр уонна культурнай-сырдатар уопсастыбаҕа үлэлээн, этнографическай матырыйааллары хомуйууга угус сыратын биэрбитэ. Хомуйбут мала-сала, таҥаһа-саба, иһитэ-хомуоһа Саха уобалаһын кыраайы үөрэтэр музейыгар, Россия, омук дойдуларын музейдарыгар тиийэн, сахалар олохторо, культуралара аан дойдуга биллибитэ.
Сахалартан бастакы киносценарист Лев Львович Габышев (10.11.1920 — 11.11.1994) — Саха сирин култууратыгар улахан суолталаах суруйааччы, тылбаасчыт, драматург, саха маҥнайгы киносценариһын быһыытынан биллэр.
Л.Габышев 1953 сылтан олоҕун бүтүннүүтүн литературнай айар үлэҕэ анаан, өр сыллар усталарыгар бастаан “Хотугу сулус”, онтон кэлин “Полярная звезда” сурунаалларга үлэлээбитэ. Саха суруйааччыларыттан Лев Львович биир бастакынан киносценарий суруйуутугар ылсыбыта. 4 киносценарийы суруйбута биллэр, Республика олохтоохторо бары билэллэрин курдук, Николай Якутскай “Көмүстээх үрүйэ” диэн сэһэнинэн суруллубут “Өбүгэлэр кистэлэҥнэрэ” диэн уус-уран киинэни “Таджикфильм” киностудия туруорбута. Ити 1971 сыллаахха этэ. Ааҕааччы киэҥ биһирэбилин ылбыт ити сэһэн геройдара аны уус-уран киинэ геройдара буолан, кинотеатрдар экраннарыттан көстүбүттэрэ.
Л.Габышев ити үтүө үгэһи салҕаан, айар үлэтин бьшаһын тухары литературнай үлэ биир ыарахан көрүҥэр— сахалыыттан нууччалыы уонна нууччалыыттан сахалыы тылбааска—сыралаахтык үлэлэспитэ. Икки тылы дэгиттэр баһылыыр буолан кини тылбаастара оригинал ис хоһоонун, уус-уран дэгэттэрин ордук саталлаахтык, тупсаҕайдык тиэрдэллэр. Барыта 15 пьеса , 28 интермедиа, хас да хоһоон, кэпсээннэр, сэһэннэр ааптардара буолар.
Бастакы учуутал Назар Борисов, саха маҥнайгы учууталынан Хаҥалас улууһун I Малдьаҕар нэһилиэгиттэн төрүттээх Назар Борисов буолбута. Кини, уездтааҕы училищены ситиһиилээхтик бүтэрэн, олох былыр, 1826 сыллаахха, Дьокуускайдааҕы приходскай оскуола учууталынан анаммыта биллэр. Хомойуох иһин, Назар Борисов туһунан олох суох, хайдах-туох дьылҕаламмыта биллибэт. 2011 с. Хаҥалас улууһун киинигэр Покровскайга саха бастакы учуутала Назар Борисовка анаммыт мэҥэ өйдөбүнньүк туруоруллубута.
Бастакы революционер — народник уонна бастакы саха учуонайа Неустроев Константин Гаврилович (Урсик) — күн сиригэр баара-суоҕа 25 сыл олороохтообута. Сэбиэскэй былаас саҕана бүтүн Сойуус үрдүнэн оскуола оҕотуттан саҕалаан кинини билэллэрэ. Үксүн революционер-народоволец быһыытынан. Биһиги, сахалар, өссө бастакы учуонайбыт диэн кининэн киэн туттабыт.
1881 сыллаахха Петербурдааҕы университеты бутэрбит, оччолорго саҥа сайдан эрэр фотосинтез тематыгар көмүскэнэн естественнэй наука кандидата буолбут. Петербург общественнай-политическай олоҕун оргуйар үөһүгэр сылдьыбыт, гимназия выпускниктарын түмсүүтүн лидерэ буолбут, народниктар уонна Сибиир областниктарын көрүүлэрин үллэстэр, бобуулаах «Народная воля» Кыһыл Кириэһин кытта ситимнээх эдэр интеллигент гимназия үөрэнээччилэригэр куруһуок тэрийэн, бэйэтин тула биир санаалаахтарын тумэн кистэлэҥ тэрилтэни үөскэппит. Константин Гаврилович салайар түмсүүтэ хас да политическай сыылынайы курэппит, Иркутскайга бобуулаах литератураны тарҕаппыт, «Народная воля» Кыйыл Кириэһэ кистэлэҥ тэрилтэ киинин кытта сибээс олохтообут. Ол эрэн, сотору тутуллан хааллбыт, сыл кэриҥэ Иркутскай хаайыытыгар сытан муунтуйбут быһымах майгылаах Константин Неустроев камератыгар Илин Сибиир генерал-кубурунээтэрэ Дмитрий Гаврилович Анучин киирэн: «Сааппаккын даҕаны!..» — диэн ыххайбытыгар биирдэрэ ытыһынан сирэйин таһыйбыт. Өлөрдүү өһүргэммит генерал-кубурунээтэр, дьыаланы байыаннай-полевой суут нөҥүө көрдөрөн, эдэр учуонайы өлөрөргө уурдарбыт. Ол уурааҕынан сэтинньи 9 кунугэр 1883 сыллаахха ытыллыбыт.
Бастакы идэтийбит быраас Прокопий Нестерович Сокольников Боотуруускай улууһугар 1865 сыллаахха төрөөбүтэ. Чурапчыга оскуоланы бүтэрэн баран, Прокопий Дьокуускайдааҕы прогимназияҕа үөрэнэ киирэр. 1892 сыллаахха Томскайдааҕы университекка медицинэ факультетыгар үөрэххэ киирэр. Манна үөрэнэ сылдьан кини Москватааҕы университет медицинскэй факультетыгар көһөттөрөр уонна дойду улуу профессордарын лекцияларын утаппыттыы истэр, билиитэ өссө хаҥыыр. Кини учууталларынан физиолог Сеченов, улуу быраастар Филатов, Склифосовскай, Остроумов этилэрэ. Бу кэмҥэ эдэр быраас өйө-санаата сайдыытыгар суолталаах билсиһии тосхойор. Кини улуу нуучча суруйааччыта Лев Толстойу кытта билсиспитэ. Прокопий Нестерович үөрэҕин бүтэрэн кэлэн баран, 1898 сыллаахха Чурапчыга эмчитинэн ананар уонна бүүс-бүтүннүү үлэтигэр охтор. 1900 сыллаахха муус устар 1 күнүгэр Чурапчыга биэс куойкалаах балыыhа, амбулатория уонна аптека үлэҕэ киирбиттэрэ (Бу балыыhаны 1922 с. үрүҥ бандьыыттар уоттаабыттара). 1910-1912 сс. саҥа типовой балыыhа комплекса тутуллан арыллыбыта. Сокольников баай-дьадаҥы диэн араарбакка, медицинскэй көмөнү киhи барыта тэҥник туhаныахтаах диэн үлэлиирэ, ордук кыамматы-түгэммэти болҕомтолоохтук эмтиирэ. Прокопий Сокольников 20-чэ сыл Чурапчыга бырааһынан үлэлээбитэ. Кини балыыһаҕа кэлэр дьону эмтииринэн эрэ муҥурдаммата. Хас да биэрэстэлээх сиргэ ыалдьыбыт киһиэхэ атынан айанныыра. Учаастак бырааһын быһыытынан, араас ыарыыны барытын эмтиирэ – харахтан саҕалаан ис уорган ыарыыларын. Ону таһынан эпэрээссийэ оҥороро, оҕо төрөтөрө. Прокопий Сокольников үтүө үлэтин иһин император ыйааҕынан 1903 сыллаахха Сибэтиэй Станислав 3-с степеннээх уордьанынан, 1907 сыллаахха – Сибэтиэй Анна 3-с степеннээх уордьанынан наҕараадаланар. Сокольников эмтиир үлэтин таһынан суругунан үгүс үлэни хаалларбыт. Ол курдук, Эдуард Карлович Пекарскай саха тылын тылдьытын оҥороругар Сокольников хомуйбут анатомияҕа уонна медицинэҕэ сахалыы терминин туһаммыт.
Бастакы миллионер Акепсим Михайлович Кушнарев төрүт Саха сирин олохтооҕо, Дьокуускай уокуругун Павловскай сэлиэнньэтигэр эргэ итэҕэли тутуһар раскольник ыалга 1837 с. төрөөбүтэ.
Акепсим Кушнарев букатын эдэр эрдэҕиттэн кыралаан атыынан дьарыгырбыт. Сэлии муоһун атыылаһан, уус киһиэхэ тараах оҥорторо-оҥорторо, биирдии тарааҕы биирдии улахан сүөһүгэ биитэр сылгыга атастаһар эбит. Акепсим ол сүөһүтүн мунньан-тараан байан- тайан барбыт. Бу “байан-тайан” диэммит мэнээк этиллибэтэх. Киэҥ сиринэн тайаан киэҥ ыырдаммыт, билсиилэммит, барбыт-кэлбит киһи байар диэн өйдөбүллээх. Онон аны эдэр атыыһыппыт 1871 с. Өлүөнэ эбэ борохуостубатын аан маҥнайгы борохуотун (“Тихон Задонскай”) хапытаанын кытары быһа кэпсэтэн көмүс хостуур бириискэҕэ ынаҕын этин, арыытын, балыгы, бурдугу тиэйэн илдьэн батаран балай эмэ биллэр ааттаах-суоллаах “Хапсыын атыыһыт дуо?” дэтэр киһи буола түһэр. Кини иннинэ “сүөһү ыран өлүө, арыы аҕырыа” диэн ким даҕаны эти-арыыны борохуотунан көмүс бириискэҕэ илдьибэтэ үһү. Бу курдук хорсуннук хамсанан, түүннэри-күнүстэри утуйар уутун умнан туран, ырааҕынан-чугаһынан сүүрэн-көтөн 10 сыл иһигэр I гильдиялаах атыыһыт аатын ылар. Саха биллиилээх атыыһыта В.Г. Никифоров-Манньыаттаах Уолунуун кыттыһан көмүс бириискэтигэр бородууксуйа таһа сылдьыбыта кытары баар. Хапсыын атыыһыт кыаммат- түгэммэт, дьадаҥы дьоҥҥо анаан “хонук дьиэ” тутуутугар харчынан көмөлөспүт. Бу дьиэҕэ киэһээҥҥи аһылыкка дьон босхо аһыыр эбит. Дьахтар гимназията тутулларыгар 12 тыһ. солк. үбү укпут. Пушкин аатынан бибилэтиэкэ, куорат тулаайах оҕолоро олорор пансионат дьиэлэрэ, Павловскайга оскуола дьиэтэ, о.д.а. социальнай суолталаах тутууларга эмиэ кырата суох өҥөнү оҥорбута ахтыллар. Маны таһынан Дьокуускай үтүөнү оҥорор уопсастыбатын солбуллубат бэпэчиитэлэ этэ. Бу уопсастыба дьадаҥы дьон аһыырыгар анаан чэпчэки сыаналаах астаах остолобуойу арыйбыта. Куорат дуумата остолобуойга аһыырга анаан 10 кэппиэйкэ номиналлаах толуону бэчээттээбитэ. Куорат баай араҥата ол толуону атыылаһан ылан дьадаҥы дьоҥҥо биэрэллэрэ
Бастакы хапытаан Богатырев Афанасий Данилович (1882—11.09.1952) — сахалартан бастакы капитан, Өлүөнэ өрүс пароходствотын үтүөлээх воднига. 1882 сыллаахха Боотур Уус улууһун Таатта нэһилиэгин Харбалаах диэн сиригэр төрөөбүт. 1901 с. Громовтар «Лена» борокуоттарыгар мотуруоһунан киирбит. Хас да сылынан штурвальнай, онтон лоцман буолар. Саха Сиригэр сэбиэскэй былаас олохтонор кэмигэр ЯЦИК боломуочунайа буола сылдьыбыта. 1924 сылтан 1936 сыллаахха дылы пароходствоҕа үлэлиир, бастаан лоцманынан, онтон «Лена» уонна «Пропагандист» борокуоттар капитаннарынан. 1936 с. партия обкома быһаарыытынан Главсевморпуть Дьокуускайдааҕы салаатыгар көһөрүллэр. «Саха омук» уопсатыбаҕа киирэрин иһин омугумсуйууга буруйданан 1938 сыллаахха ууратыллар. Онтон биир сыл буолан баран дьоҕус «Тикси» пароходка Өлөөн өрүскэ ыытыллар. Саха АССР уонна РСФСР Үрдүкү Сүбэтин депутатынан талылла сылдьыбыта. Балаҕан ыйын 11 күнүгэр 1952 сыллаахха өлбүтэ.
Бастакы идэтийбит суруналыыс Федора Петровна Егорова (кулун тутар 14 1934—2004) — Саха сирин бастакы идэтийбит дьахтар-суруналыыһа, «Кыым» хаһыат тутаах эрэдээктэрэ, Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Көмүс бөрүө» бириэмийэ лауреаата, СӨ бэчээтин туйгуна. 1934 сыллаахха кулун тутар 14 күнүгэр Кэбээйи улууһугар Иккис Лүүччүн нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Мастаах оскуолатыгар уонна Сангаар орто оскуолатыгар үөрэммитэ. Ол кэнниттэн Дьокуускайдааҕы педучилищены бүтэрбитэ уонна 1957—1958 сылларга Сунтаарга Тойбохойго учууталлаабыта, пионер баһаатайдаабыта. 1962 сыллаахха Ломоносов аатынан Москубатааҕы судаарыстыбаннай университеккэ үөрэнэ киирбитэ. Суруналыыстыка факультетын бүтэрэн 1967 сылтан өрөспүүбүлүкэ оччотооҕуга сүрүн сахалыы хаһыатыгар «Кыымҥа» үлэтин саҕалаабыта. «Кыымы» кытта 36 сыл үлэлээбитэ. Уларыта тутуу кэмигэр 1993 сыллаахха хаһыаты саппыттарын утарбыта. Федора Петровна «Кыым» Саха Өрөспүүбүлүкэтин уонна норуотун историятын летопиһа, үгүс көлүөнэ саха интеллигенциятын чулуу бэрэстэбиитэллэрин иитэн таһаарбыт улахан историческай суолталаах хаһыат буоларын өйдүүрэ. Устуоруйалаах хаһыат сүтүө суохтааҕын чуолкай өйдөөбүтэ уонна дьаныарынан «Кыымы» хос арыйбыта. Ол кэнниттэн тоҕус сыл тухары, хара өлүөр дылы тутаах эрдээктэрдээбитэ. 2004 сыллаахха олунньуга Федора Петровна суох буолбута.
Дьахталлартан бастакы симфоническай оркестр дирижера Галина Михайловна Кривошапко 1916 сыл бэс ыйын 17 күнүгэр Омскай куоракка төрөөбүтэ. Саха сиригэр профессиональнай музыкальнай искусство сайдарын туһугар улахан сыратын уурбута, үлэлээбитэ. Омскайга музыка техникумун фортепьяно отделениетын уонна Москва куоракка консерватория опера уонна симфония отделениетын бүтэрбитэ. 1941 сыл олунньутугар Дьокуускайга кэлэр, радиоҕа пианистканан үлэлиир. 1945 сылтан хормейстер. 1948 сылтан хас да уон сыл Саха радиотын уонна телевидениетын симфония оркестрын салайбыта. 1960 сылтан П. А. Ойуунускай аатынан музыка уонна драма театрын сүрүн дирижерынан ананар. 2013 сыл олунньу 6 күнүгэр Дьокуускайга өлбүтэ.
Г.Кривошапко сыралаах үлэтэ элбэх наҕарааданан бэлиэтэммиттэрэ: РСФСР үтүөлээх артыыһа, Саха АССР норуодунай артыыһа, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ытык гражданина (2002), «Хотугу сулус» уордьан (2011), П.Ойуунускай аатынан гос. премия лауреата. 2000с. П.И.Чайковскай аатынан музыкальнай искусство фондата саха норуотун национальнай культурата уонна дирижирование искусствота сайдарын туһугар өр сыллаах таһаарыылаах үлэтин иһин, «Золотой Аполлон» диэн үрдүк таһымнаах премия биэрбитэ.Бастакы дьахтар оҕо суруйааччыта Анна Денисовна Неустроева — талааннаах оҕо суруйааччыта, тылбаасчыт, фольклору чинчийээччи, журналист, общественнай деятель, саха дьахталларыттан бастакынан ССРС Суруйааччыларын союһун чилиэнэ, классик Н.Д. Неустроев бииргэ төрөөбүт балта Анна Денисовна Неустроева 1903 сыллаахха кулун тутар 3 күнүгэр Байаҕантай улууһун Иккис Байаҕантай нэһилиэгэр төрөөбүтэ. 1915 сыллаахха убайын Николай Денисович көмөтүнэн Уолбаҕа начальнай оскуолаҕа үөрэнэ киирбитэ. Онно үөрэнэ сылдьан убайа тэрийбит «Ньургуһун» диэн оскуола сурунаалыгар бастакы кылгас кэпсээннэрин суруйбута. А.Д. Неустроева күн сирин көрбүт бастакы айымньыларынан кини ыстатыйалара буолаллар. Ол курдук, 1925-30 сс. «Кыымҥа» тыа сирин дьахтарын үлэтин-хамнаһын, оҕо саадын, сэллик диспансерын туһунан суруйуулара бэчээттэммиттэрэ. 1920 сыллаахтан нуучча уонна омук литератураларын оҕолорго аналлаах бастыҥ айымньыларын сахалыы тылбаастааһынынан ситиһиилээхтик дьарыктаммыта. Ол курдук, кыра саастаах ааҕааччыларга анаан икки тылбаас кинигэтин 1930 уонна 1945 сс. бэчээттэтэн таһаарбыта. Анна Денисовна бастакы айымньыта 1936 сыллаахха суруллубут «Албын» кэпсээнэ буолар. Онтон ыла хас да кэпсээннэри суруйталаабыта, олртон «Тиргэһиттэр» айымньыта улаханнык биһирэммитэ. Элбэх өрүттээх сыралаах үлэтин иһин Анна Неустроева «1941-1945 сс. Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ килбиэннээх үлэтин иһин» мэтээлинэн наҕараадаламмыта.
Бастакы дипломированнай этнограф Семен Иванович Николаев-Сомоҕотто 1923 сыллаахха балаҕан ыйын 1 күнүгэр Ньурба улууһугар, Акана нэһилиэгэр төрөөбүтэ. 1946с. сэрии кэнниттэн баара-суоҕа 23 саастаах эдэр киһи Ташкент куоракка баар Среднеазиатскай университекка киирэр. Университеты бүтэрэн кэлэн Бэрдьигэстээх орто оскуолатыгар биир сыл директордаан баран, Семен Иванович 1952 с. Москваҕа ССРС НА иһинэн үлэлиир Н.Н.Михлухо-Маклай аатынан этнография институтугар аспиранынан киирбит. Үс сыл устата Москва куоракка ситиһиилээхтик үөрэнэн, дьарыктанан 1955 с. «Основные этапы этнической истории вилюйских якутов» диэн темаҕа кандидатскай диссертациятын ситиһиилээхтик көмүскээбитэ. 1955-1982 сс. Саха сиринээҕи история, тыл уонна литература (Билигин Гуманитарнай чинчийии) институтугар научнай үлэһитинэн сылдьан сахалар, эбээннэр. эбэҥкилэр олохторун, фольклордарын үөрэппитэ, элбэх экспедицияҕа сылдьыбыта. 100-чэкэ научнай үлэлэри, үгүс ыстатыйалары бэчээттэппитэ. «Эвены и эвенки юго-восточной Якутии» (1964с.), «Происхождение народа саха» (1995с.), «Обычаи народа саха» (1996с.) монографиялар ааптардара. Кини хотугу омуктар бэйэлэрин хаан уратыларын, тылларын-өстөрүн, үтүө үгэстэрин, култуураларын сыныйан үөрэппит киһи буолар. Кини элбэх научнай публицистическай, сороҕор мөккүөрдээх ыстатыйалары бэчээттэппитэ, ис киирбэх тыллаах хоһооннору суруйара, онтон сорохторо ырыа буолан ылланаллар. Ону таһынан оҕолорго анаан «Пипи-пиип» (1969), «Байанай эмэгэтэ уонна уолчаан», «Үгэстэр сайылыктара» (2013) диэн кинигэлэрдээх.