Skip to main content

Саха суругун-бичигин түсчүтэ Семен Андреевич Новгородов

0
(0)
       Саха  литературатыгар  А.Е.Кулаковскай, А.И.Софронов, П.А. Ойуунускай,      Н.Д.Неустроев  ааттара үрдүк суолталааҕын  курдук  саха тыла  наука буолан  сайдарыгар Семен  Андреевич Новгородов  аата, кини өҥөтө быһаччы суолталаах.

 

   Семен Андреевич баара — суоҕа  күн  сиригэр  32 эрэ  сыл  олорбута. Ол эрээри  оччотооҕу  саха  бастакы үөрэхтээх эдэр  ыччата  төрөөбүт норуотугар  үөрэх  хайаан да  наадалааҕын  өйдөөн, ону  олоххо киллэриигэ ис  сүрэхтэн  дьулуһан   үлэлээбитин курдук  Новгородов  кылгас  олоҕун эмиэ  онно анаабыта.

 

Кини  1892  сыллаахха олунньу  13  күнүгэр  Чурапчы  улууһугар, Болтоҥо  нэһилиэгэр 10  оҕолоох  ыалга  6-с оҕонон  күн  сирин  көрбүтэ.

    Бастакы  учууталынан  1902  сыллаахха  үөрэппит  Андрей   Винокуров  буолар. Уонча  оҕону мунньан  чааһынай үөрэппит. Сэмэн киниэхэ  сылтан  ордук  курдук  үөрэнэн  баран  ахсааны ааҕар, суруйар, нууччалыыттан  кыратык  тылбаастыыр  буолар. Онтон  1903 с. Иван  Трофимович  Цыценко диэн  судаарыскай киһитигэр  үөрэнэр. Киниэхэ  реальнай  училищеҕа  киирэргэ  үчүгэй билиини  ылар, кэлин  бэйэтэ  да  итинник  диэн  ахтар  эбит.

    1905 с. атырдьах  ыйын  12 күнүгэр Сэмэн  куораттааҕы  реальнай училище бастакы  кылааһыгар  үөрэнэ  киирэр. Оччотооҕу училище 7 сыл үөрэтэн  орто үөрэх  аатын биэрэр эбит. Уонна  училищены бүтэрбиттэр эрэ үрдүк  үөрэххэ үөрэнэр  кыахтаахтар этэ. Бу сыллардаахха «Саха  саҥата» диэн 1-кы саха  сурунаала  тахсар, Кулаковскай, Софронов  айымньылара бэчээттэнэллэр. Новгородов эмиэ  таһааттарар. «Сайын», «Таатта ырыата», «Сут ырыата», «Хонон турарбыт  ырыата» — диэн  норуот  айымньытын туһанан суруйбут ырыаларын бэчээттэтэр.

    1912 с. училищены туйгуннук үөрэнэн  бүтэрэр. Кылгастык Якутскай уокуругар  Еловскай  дьаамҥа начальнай  оскуолаҕа, онтон Бүлүүгэ  4 кылаастаах училищеҕа учууталлыыр. Онно  үлэлии сылдьан Петербург  куоракка  баран   үөрэнэр, оччолорго  сүрдээх  хорсун  санааны  ылынар. Үөрэнэ  барарыгар кыһыннаах  сайын  бэлэмнэнэр, самоучка, гимназия  программаларын үөрэтэр, хамнаһыттан  уурунан 140 солкуобайы  мунньунар уонна 1913 с. атырдьах  ыйыгар  барар  уонна  үөрэххэ, Илиҥҥи норуоттар  тылларын  үөрэтэр факультекка киирэр.

     Ити  сыл  «Бүтүн Россиятааҕы  норуот  үөрэҕириитин  туһунан» туһунан мунньах  буолар. Новгородов  Саха  сирин  аатыттан  кыттар. «Сахалар  тустарынан, кинилэр  оскуолаларын уонна үөрэххэ бырааптарын  чааһынан» диэн  дакылаат  оҥорор. Саха оскуолаларын, оҕолорун саха тылынан үөрэтэргэ, сахалыы  учебниктары бэчээттииргэ  үбүнэн  көмөлөһөргө  тыл этэр. Мунньах  2 пууннаах  резолюция ылынар:  1. Саха үөрэнээччитин төрөөбүт тылынан үөрэтии. 2. Инникитин научнай  ньымалары уонна холобурдары туттар саха национальнай оскуолатын тиибин үөскэтэргэ  дьулуһуу.

    1916 сыллаахха «Якутские вопросы» хаһыакка «Саха интеллигенциятын сүрүн соруктара»  ыстатыйата тахсар. Саха норуотун үөрэҕириитигэр саха интеллигенцията улахан оруоллааҕын бэлиэтээн этэр. Ол сыл биир улахан үлэтинэн Пекарскай тылдьытыгар рецензия бэчээттэтиитэ буолар.

    Кини төрөөбүт тыла син атын омук  тылларын курдук, үөрэҕэ да суох буоллар бүтүн норуот кэпсэтэр, туттар тыла буоларын дакаастыыр. Революция иннинэ национальнай баттабыл-атаҕастабыл улахан этэ. Хол., 1912 сыллаахха  Якутсайга таҥара кинигэлэрин сахалыы тылбаастыыр туһунан православнай-миссионерскай общество мунньаҕа буолбута. Онно семинария учуутала Соловьев «Дьиикэй племялар аайы туох үөрэҕин тэрийэбитий, баҕардар үөн курдук быардарынан да сыылыннынар, дьикээрдэр дьиикэй тылларын өрө көтөҕөр сааттаах дьыала» — диэн сидьиҥник саҥарар. Онон оччотооҕу кэмҥэ күүстээх санаалаах, оҥорор дьыалаҕа бигэ эрэллээх буолан төрүт тыл иһин охсуспут хорсун киһи буолар.

    

1916 сыллаахха Латыын бэлиэтигэр олоҕуран саха алфавитын оҥорор. Ол иннинэ өссө 19 үйэ саҕаламмытын кэннэ араас аҕабыыттар таҥара үөрэҕин тарҕатаары алфавит оноро сылдьыбыттара. Ол эрээри туох да научнайа суох оҥоһуллубут буолан, үөрэҕэ суох норуот билбэккэ да, көрбөккө да хаалбыта.

    Саха тылын аан-бастаан научнайдык үөрэппит О.Н.Бетлингк, 1851 с. «Сахалар тылларын туһунан» диэн саха тылын бастакы научнай грамматикатын суруйбута уонна сахалыы 1-кы гражданскай алфавиты оҥорбута. Ол  эмиэ киэҥник тарҕаммакка сүппүтэ. Ястремскай, Пекарскай, Ионов  оҥорон көрбүттэрэ да олоххо сатаан киллэрбэтэхтэрэ. Онтон Новгородов оҥорбут алфавита кэмэ да кэлбитэ эбитэ буолуо, уонна биир үксүн үөрэҕэ суох киһи дэбигис өйдүүрүнэн сахалыы урукку алфавиттардааҕар быдан ордук этэ. Алфавит итэҕэстэрэ улахан буукубалар уонна сурук бэлиэлэрэ суохтара буолар. Бу алфавиты 1929 сыллаахха диэри (13 сыл) туттубуттар. Онон бу аан-бастаан киэҥник туттуллубут, биһирэммит алфавит буолбута.

    1917 сыллаахха Ыраахтааҕы былааһа сууллубутун кэннэ Дьокуускайга бассабыыктар Ем.Ярославскай, Г.И.Петровскай, Г.К.Орджоникидзе тэрийиилэринэн уобалас соҕурууҥу үс уокуругун сахаларын уонна нуучча бааһынайдарын съеһэ буолар. Ити съезкэ Новгородов саҥа оҥорбут алфавитын туһунан дакылаат ааҕар. Ол алфавитынан  сахалыы букубаар таһааттарарга съезд уураах ылынар. Букубаар бэчээттэниэхтээҕин учууталлар съезтэрэ эмиэ биһириир. Ол кэмҥэ букубаары таһаарар чэпчэки дьыала буолбатах этэ, утарсааччылар да бааллара. Ол быыһыгар үтүө да санаалаахтар көстөллөрө. Хол., типография наборщига Харитон Гладунов бэйэтэ набордаан, түргэнник бэчээттии охсору ситиспитэ. 1917 сыллаахха балаҕан ыйыгар «Сахалыы сурук-бичик» 4 тыһ. экземплярынан тахсыбыта. Үгүс үјйэлэр тухары үөрэҕэ суох буолан хараҥаҕа тэпсиллибит кыра норуоту төрөөбүт тылынан үөрэтэргэ аналлаах аан-бастакы сурук- бичик этэ. Саҥа букубаарынан оҕону үөрэтии саҕаламмытынан барбыта.

    1919 с. С.А.Новгородов «Якутское земство» диэн хаһыат кулун тутар 23 күнүнээҕи нүөмэригэр уонна Иркутскайдааҕы «Мысль»  хаһыат 3-с  нүөмэригэр «Сахалар уонна университет» ыстатыйата тахсар. Саха тыла Иркутскайдааєы университекка үөрэтиллэр биир дьоллоох тылларга киирбэтэҕиттэн хомойор уонна ити университекка саха тылын үөрэтэр кафедраны арыйарга дакаастыыр. Кини ити баҕата Сэбиэскэй былаас эрэ кэмигэр олоххо киирэр дьылҕаламмыта.

 

    Ити 1919 с. ыам ыйын 5 күнүгэр «Якутское земство» хаһыакка «Якутология» (Саха тыла урал-алтай норуоттарын тылларыгар сыһыанын туһунан) научнай ыстатыйата бэчээттэммитэ. Лингвист саха тыла хантан төрүттээҕин, бэрт былыргыта тюрскай уо. монгольскай тыллары кытта биир ситимнээҕин дакаастыыр. Саха омук төһө да суруга-бичигэ суоҕун иһин бэйэтин тылын-өһүн үгүс үйэлэр усталарыгар байытан, сайыннаран испитин этэр. Онон кини төрөөбүт тыла бигэтин, тулуйумтуотун, сүтэн-өһөн биэрбэтин, саха төрөөбүт тылын научнайдык үөрэтэр, чинчийэр, инники өттүгэр  атын омуктар тылларын кытта тэҥник тутан сайыннарар наадатын туһунан дьоһуннаах научнай түмүктэри оҥорор.Эмиэ ити сыл Якутскайга национальнай народнай дьиэни тутарга үбүнэн, өйүнэн-санаанан көмөлөһөргө ыҥырыы сурук таһаарар, манан олохтоон нэһилиэнньэҕэ культураны, үөрэҕи тарҕатар тэрилтэни үөскэтиэн, баҕарбыта — ол санаата табыллыбатаҕа.

    1919 с. кыһыныгар «Саха аймах» диэн культурнай сырдатар общество иһинэн сахалыы ааһарга суруйарга үөрэтэр оскуола аһыллыбыта, онно кини сэбиэдиссэйдээбитэ, үөрэппитэ «Сахалыы саҥарыах, урааҥхайдыы онолуйуох» диэн илиинэн суруллар сурунаал  таһаара сылдьыбыттара. Сурунаал сорох матырыйаалларын кэнники тахсыбыт «Сурукка-бичиккэ» туһаммыта.

    1920 с. саҥа букубаары тааһартарыы соруга турар. С.А.Новгородов бэрэссэдээтэллээх хамыыһыйа үлэлиир. Хамыыһыйа үөрэх күбүөрүнэтээҕи салаатыгар киирэр саха күбүөрүнэтин научнай-чинчийэр подоотдел уонна «Саха-аймах» уопсастыба истэринэн тэриллибитэ. Учууталлартан, быраастартан. интеллигенцияттан бастакы букубаар туһунан рецензия хомуйбуттара. Хамыыһыйа өссө «Ааҕар кинигэ» рукопиһын бэлэмнээн киирэн барбыта. Учебниктары бэлэмнээһин туох-баар хара үјлэтин Новгородов оҥорбута. Бүлүүгэ «Саха аймах» уопсастыба филиала кулун тутар 10 к. Новгородов транскрипциятынан саха тылын үөрэтэр кылгас болдьохтоох курсу аһарга уураах таһаарбыта. 1920 с. партия губбюротын уурааҕынан агитационнай-политическай курс аһыллан үлэлээбитэ. Новгородов ити кууруска саха тылын суругун-бичигин туһунан лекция аахпыта. Нэһилиэнньэ ортотугар история боппуруоһугар эмиэ лекция ааҕара.

    1923 с. Сэмэн атын дьоннору кытта холбоһон оҥорбут букубаара дьэ бэчээттэнэн тахсыбыта. «Бастааҥы сурук-бичик» диэн ааттааҕа. Ити сыл эмиэ «Ааҕар кинигэ» тахсыбыта. 5000 экземплярынан тарҕаммыттара. Саҥа «Сурук-бичик» бастакытааҕар научнай педагогическай таһымынан ойуутунан, кумааҕытынан да туох да тэҥэ суох быдан ордук этэ.

 

    Оҕолор бастаан дорҕооттору сүһүөхтэргэ холбуу тутан үөрэнэллэр. Сыыйа чэпчэкиттэн ыарахаҥҥа киирэн үөрэнэн бараллар. Манна барыта 74 араас уус-уран матырыйаал: кэпсээн, хоһоон киллэриллибит, итинтэн 27-тэ нууччалыыттан тылбаас.

 

    Саха сиригэр культурнай революция ыытыллыытыгар Новгородов оруола улаханын Е.М.Ярославскай бэлиэтээн турар. Бастаан революция будулҕаныгар түбэһэн кэнники төрөөбүт норуотун үөрэхтиир, сайыннарар иһин үгүс үлэлэргэ туох баар күүһүн, бириэмэтин ууран университекка көтүтэ-көтүтэ үөрэммитэ. Унивеситекка тиһэх экзаменын 1923 с. бэс ыйын 30 күнүгэр туттарбыта. Ол бүтэрэн баран кини Илиҥҥи тыыннаах тыллары үөрэтэр Институкка киирэн монгол тылын дириҥник үөрэтэргэ быһаарынар. Уонна университет общественнай наукаларга факультетын иһинээҕи арҕааҥы уонна илиҥҥи норуоттар литератураларын уонна тылларын историятын тэҥнээн үөрэтэр научнай-чинчийэр институкка научнай үлэһитинэн ананар.

    Новгородов лингвист быһыытынан саха тыла тюрскай уонна монгольскай тылларга сыһыанын, миэстэтин быһаарага өр кэмҥэ үлэлиир. Кини монгол уонна саха тылларын тэҥнэбиллэрин 3000 тахса карточкаҕа тиһэн оҥорбутун, кэнники саха тылын грамматикатын онорорго туһаммыттара.

    Семен Андреевич Новгородов күөгэйэр күнүгэр, 1924 сыллаахха, олунньу 28 күнүгэр Ленинградка бүөрүнэн ыалдьан хомолтолоохтук олохтон туораабыта. Кини Нева өрүскэ турар Смоленскай кылаабыһаҕа көмүллэн сытар. Манна 1994 сыллаахха от ыйын 7 кунугэр саҥа пааматынньыгы туруорбуттара.

 

Насколько вам понравилась публикация?

Средняя оценка 0 / 5. Количество оценок: 0

Оценок пока нет. Поставьте оценку первым.