Саха народнай поэта, тылбаасчыт, Серафим Романович Кулачиков-Эллэй 1904 с. сэтинньи ый 11 күнүгэр Таатта улууһун Амма нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Чөркөөх икки кылаастаах оскуолатыгар үөрэммитэ. 1921-24 сс. Дьокуускай куоракка педагогическай техникумҥа үөрэммитэ, салгыы ити техникумҥа преподавателинэн үлэлии хаалбыта. 1925-28 сс. Москватааҕы журналистика государственнай институтун устудьуона, үөрэҕин бүтэрэн баран дойдутугар кэлэн, 1928-32 сс. «Автономная Якутия», «Кыым», «Социалистическая Якутия» хаһыаттарга, «Чолбон», «Хотугу сулус», «Полярная звезда» «Кыһыл ыллык» сурунаалларга үлэлээбитэ.
1942 с. С.Р. Кулачиков-Эллэй сэриигэ ыҥырыллан, 1944 с. дылы фроҥҥа сылдьыбыта, ыараханнык бааһыран 2-с группалаах инбэлиит буолан төннүбүтэ.
Эллэй — Өктөөп революциятын идеятын уруйдаабыт-айхаллаабыт поэт. Бастакы айымньыларын «Сылгы чыычааҕа» хоһоону, «Моҕотой» кэпсээни оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан суруйбута. Айар үлэтин 1924 с. нуучча революционнай ырыаларын тылбааһыттан саҕалаабыта. 1949-53 сс. Профессиональнай суруйааччы быһыытынан айар үлэнэн дьарыктаммыта.
Саха народнай поэта С.Р. Кулачиков 1976 сыллаахха өлбүтэ
Оҕолорго айымньылара:
(11.11.1904-1976)
- Саҥа олоҕу айабыт: кылаас таһынааҕы ааҕыыга көмө
- Туйаара: поэма
- Туйара: (поэма детям)
- Хорсун сүрэхтэр: оҕолорго поэма
- Чурум-Чурумчуку: оҕолорго остуоруйа
- Чурум-Чурумчуку : оҕолорго остуоруйа : [аудиокинигэ]
- Чычып — чаап уонна чыычаахсыт
- Ырыалар, хоһооннор, поэмалар
- Детям о писателях-фронтовиках Якутии. Вып. 1
- Детям о писателях-фронтовиках Якутии. Вып. 2
- Серафим Романович Кулачиков — Эллэй
- Тематическая коллекция в ЭБ НБ РС (Я) «Писатели Якутии — участники Великой Отечественной войны»
- Тематическая коллекция в ЭБ НБ РС (Я) «Писатели-фронтовики Якутии – детям»
- Тематическая коллекция в ЭБ НБ РС (Я) «Эллэй — Кулачиков Серафим Романович»