Skip to main content

Олунньу ый 13 күнүгэр төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүгэр үгэскэ кубулуйбут «Таптыыр сахам тылынан…» өрөспүүбүлүкэтээҕи дьыктаан быйыл V төгүлүн ыытыллынна.

0
(0)

Дьыктааны Саха Өрөспүүбүлүкэтин Национальнай бибилэтиэкэтин «Оҕо ааҕар, аһыллар киинэ», өрөспүүбүлүкэ улуустарын оҕо бибилэтиэкэлэрэ, салаалара «Бары ааҕабыт» бырайыак чэрчитинэн тэрийэн ыытыллар. Дьыктаан сүрүн сыалынан өрөспүүбүлүкэ үөрэнээччилэрэ төрөөбүт тылынан ыраастык, литературнай нуормаҕа толору эппиэттиир, уус-уран, суруга-бичигэ таба, тупсаҕай буоларыгар үлэлэһии.

Быйыл өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн оҕо бибилэтиэкэлэрин, салааларын үлэһиттэрэ дьыктааны миэстэтигэр, куйаар ситимин нөҥүө тэрийэн, биир күҥҥэ, биир кэмҥэ 5193 алын уонна орто сүһүөх кылаас үөрэнээччилэрэ саха тылыгар уонна литератураҕа билиилэрин тургуттулар. Үөрэнээччилэр 9 тест быһыытынан бэриллибит ыйытыыларга хоруйдаатылар, бүтэһик сорудахха бэриллибит тиэмэлэргэ ис хоһооннорун, суолталарын арыйан, өйтөн суруйдулар.

Маҥнайгы сүһүөххэ (3 – 4 кылаастар):

I үрдэл – Ц. Алексанна Нам улууһун И. Д. Винокуров-Чаҕылҕан аатынан Нам алын сүһүөх оскуолатын 4 кылааһын үөрэнээччитэ;

II үрдэл – Ф. Дархан Сунтаар улууһун И. Г. Спиридонов аатынан Кириэстээх орто оскуолатын 4 кылааһын үөрэнээччитэ;

III үрдэл – С. Аделина, Мэҥэ-Хаҥалас В. П. Ларионов аатынан Майа орто оскуолатын 3 кылааһын үөрэнээччитэ.

Иккис сүһүөххэ (5 – 6 кылаастар):

I үрдэл –А. Лиля Уус-Алдан улууһун Мүрү 1№-дээх орто оскуолатын 5 кылааһын үөрэнээччитэ;

II үрдэл –Ю. Аурелия Дьааҥы улууһун Боруулаах орто оскуолатын 5 кылааһын үөрэнээччитэ;

III үрдэл – Е. Нина Таатта улууһун И. Н. Гуляев аатынан Туора Күөл орто оскуолатын 5 кылааһын үөрэнээччитэ.

Үһүс сүһүөххэ (7-8 кылаастар):

I үрдэл – Д. Карина Уус-Алдан улууһун Мүрү 2№-дээх орто оскуолатын 8 кылааһын үөрэнээччитэ;

II үрдэл – К. Айаана Таатта улууһун С. Р. Кулачиков-Эллэй аатынан Чычымах орто оскуолатын 7 кылааһын үөрэнээччитэ;

III үрдэл – И. Алгыстаана Ньурба улууһун Д. И. Павлов аатынан Өҥөлдьө орто оскуолатын 8 кылаас үөрэнээччитэ.

Өрөспүүбүлүкэтээҕи дьыктаан кыайыылаахтарын бастыҥ үлэлэриттэн быһа тардан (ааптар суруга, билиэтэ, орфорграфията):

Ц. Алексанна, Нам улууһа: “…..Кинигэттэн киһи элбэҕи ааҕан билэр, сайдар. Соторутааҕыта доклад суруйбутум. Илья Чаҕылҕан Туллуктай уонна саха норуотун остуоруйатын Биэс ынахтаах Бэйбэрикээн остуоруйалары тэҥнээн көрбүтүм. Бу доклад суруйарбар элбэх кинигэни аахпытым, билбэппин кинигэттэн элбэҕи билбитим”.

Уус-Алдан улууһун Мүрү 1№-дээх орто оскуолатын 5 кылааһын үөрэнээччитэ А. Лиля:“Саха сиригэр төрөөн баран саха тылын билиэхтээххин. Төрөөбүт тыл саамай күндү!”.

Билиҥҥи үйэҕэ элбэх тылы билии – сайдыы төрдө буоларын 7-8 кылаас үөрэнээччилэрин 10 сорудаҕын ис хоһоонун, суолтатын арыйбыт Карина өйтөн суруйуутуттан: “Бириэмэбит олус түргэнник сүүрэр, олохпут уларыйар, ону кытта омук тыллар наадалара эмиэ бэйэ-бэйэлэрин кытта атыстаһа сылдьан биир миэстэҕэ турбаттар. Сайдыы кэлэр холбоһууттан, онно тыл үөрэтээһинэ – кэлэр олоххо кыайыылаах лотореята”.

Дьыктаан кыттыылаахтарыгар, кыайыылаахтарыгар Добун уонна туоһу суруктар туттарыллыннылар. Оҕо ааҕар, аһыллар киинин аатыттан дьыктааны тэрийсибит өрөспүүбүлүкэ оҕо бибилэтиэкэлэригэр, салааларыгар, сахы тылын уонна литературатын учууталларыгар махталбытын тиэрдэбит.

 

Добун суруктар

Насколько вам понравилась публикация?

Средняя оценка 0 / 5. Количество оценок: 0

Оценок пока нет. Поставьте оценку первым.