(11.11.1893 — 31.10.1937)
Поэт, прозаик, драматург, сахалартан биир бастакы лингвист-ученай, общественнай уонна государственнай деятель, саха советская литературатын төрүттээччи Платон Алексеевич Ойуунускай 1893 сыллаахха сэтинньи 11 күнүгэр Таатта улууһугар төрөөбүтэ.
Былатыан 14 саастааҕар Чөркөөх оскуолатыгар үөрэнэр, 1915 сыллаахха Дьокуускайдааҕы учуутал семинариятыгар киирэр. Манна Максим Аммоссовы кытта билсэн, өлүөр диэри доҕордоспуттара. Томскайдааҕы учуутал институтугар үөрэммитэ.
П.А. Ойуунускай үгүс өрүттээх литературнай, научнай уонна общественнай үлэтэ сүҥкэн үтүө суолталаахтар. Ол курдук, П. Ойуунускай Саха сирин уһулуччулаах государственнай деятелэ, Саха Автономнай Советскай Социалистическай республикатын төрүттэспитэ. Кини салайыытынан, сир-сир ахсын оскуолалар, балыыһалар, ааҕар балаҕаннар арыллыбыттара. Саха суруга-бичигэ сайдарыгар сүҥкэн кылааты киллэрсибитэ. «Саха тыла уонна кини сайдыытын суола» диэн тиэмэҕэ кандидатскай диссертациятын көмүскээбитэ. Тыл уонна культура үнүстүүтүн тэрийээччитэ уонна бастакы дириэктэрэ буолар.
Бастакы хоһооно «Үлэһит ырыата» 1917 с. суруллубута. 1921 с. «Интернационалы» сахалыы тылбаастаабыта. Кини бастыҥ хоһоонноро — норуот уоһуттан түспэт ырыалар. Саха хоһоонугар силлабо-тоническай систиэмэни олохтообута. «Кыһыл Ойуун» драматическай поэмата айар үлэтин бастакы кэрдиис кэмигэр 1917 — 1925 сс. суруллубута. «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхону суруйан хаалларбыт улахан өҥөлөөх. Бу олоҥхону нууччалыы В.Державин тылбаастаан П.А.Ойуунускай аатынан Саха Республикатын государственнай бириэмийэтин ылбыта. Кэпсээннэриттэн «Улуу Кудаҥса», «Иирбит Ньукуус», «Сүрэх» о.д.а. айымньыларын бэлиэтиэххэ сөп. Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун бастакы бэрэссэдээтэлэ.
1937 с. сымыйанан буруйданан хаайыллыбыта уонна 1939 с. алтынньы 31 күнүгэр Якутскай түрмэтигэр төлөннөөх сүрэҕэ тэппэт буолбута. 1955 с. алтынны 15 күнүгэр сырдык аата норуотугар төннүбүтэ. Көмүллүбүт сирэ чопчу булулла илик.
Оҕолорго айымньылара:
- Бухатыыр ата : олоҥхоттон : [кыра саастаах оҕолорго / П. А. Ойуунускай ; М. Рахлеева уруһуйдара]
- Сэһэннэр, кэпсээннэр Кэпсээннэр, драмалар, сыһыарыылар
- Улуу Кудаҥса = Кудангса Великий
- Харачаас : [хоһоон : кыра саастаах оҕолорго]
- Якутские рассказы / [сост. Н. М. Заболоцкий ; пер.: Ю. Шамшурин, Л. Габышев ; худож. А. Н. Осипов]
Аудио:
- Ийэм, Дьэбдьэкиэй уҥуоҕар : [аудиохоһоон]
- Кэпсээннэр : [аудиокэпсээннэр]
- Кээрэкээн : [аудиосэһэн]
- Олох дуу, түүл дуу (Имииһит түүлэ) : [аудиокэпсээн]
- Оҕо куйуурдуу турара : [аудиокэпсээн]
- Саһыллаах барсуук : [аудиокэпсээн]
- Син-биир буолбаат?! : [аудиохоһоон]
- Соломуон Муударай : [аудиокэпсээн]
- Өрүөл кэриэһэ : [аудиохоһоон]
Эбии көр:
- «Көҥүл ырыаһыта П.А.Ойуунускай» викторина
- Виртуальная выставка «Былатыан Ойуунускай – (Платон Алексеевич Ойунский)»
- Кроссворд «А.И.Софронов — Алампа»
- Лауреаты Государственной премии имени П. А. Ойунского
- Отцы-основатели Якутской Автономии
- Платон Алексеевич Слепцов — Ойунский
- Тематическая коллекция в ЭБ НБ РС (Я) «К 100-летию ЯАССР: видные государственные деятели Якутии XX-XXI вв.»
- Тематическая коллекция в ЭБ НБ РС (Я) «Ойуунускай Былатыан (Ойунский Платон) — Слепцов Платон Алексеевич»