Skip to main content

Анемподист Иванович Софронов – Алампа

0
(0)
(14.11.1886 — 24.10.1935) Саха литературатын төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ, биллиилээх поэт, прозаик, драматург Анемподист Иванович Софронов – Алампа 1886 с. сэтинньи ый 14 күнүгэр Боотуруускай улуус (билигин Таатта) I Дьохсоҕон нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Алампа (А.И.Софронов кыра одо эрдэҕиттэн ити курдук ааттаах эбит) төрөппүт ийэтэ эрдэ өлөн, бэрт кыра сааһыттанүс ыалга көһө сылдьан иитиллибит. Алампа олорон сирин ыксатыгар Ытык Күөлгэ биир кылаастаах (4 сыл үөрэтэр) таҥара дьиэтин оскуолата арыллан үөрэнэр. Оскуоланы туйгуннук үөрэнэр буолан, икки сылынан үөрэнэн бүтэрэн, Байаҕантай Алданыгар убайыгар Василий Иванович Софроновка баран кини салалтатынан үс кыһыннаах үөрэҕи aahap. Онтон, 1907 с. 21 сааһыгар Алмпа Дьокуускай куоракка киирэр, “Якутский край” диэн хаһыакка маҥнай илии-атах улэһитинэн, онтон наборщигынан Советскай былаас буолуор диэри үлэлиир. 1921- 1922 сс. Софронов саха тылынан тахсар бастакы советскай хаһыат эрдээктэринэн буолар, республикаҕа театральнай дьыаланы салайбыта, кэккэ культурнай-сырдатар обществолар чилиэннэрэ этэ. “Манчаары” уонна “Саха омук” культурнай-сырдатар обществолар театральнай секцияларын 1928 с. диэри салайбыта. Талааннаах драматург, биллэрин курдук, Саха национальнай театрын бастакы дириэктэринэн үлэлээбитэ. А.И. Софронов литературнай үлэҕэ дьоҕура бэрт эрдэ билиннэр да, бэчээттэнэр кыаҕа суоҕуттан бытааннык сайдыбыта. Кини бастакы «Төрөөбүт дойду» хоһооно 1912 с. “Саха саҥата” диэн сурунаалга бэчээттэммитэ. Ити кэмтэн ыла Анемподист Софронов тиһэх күннэригэр диэри айар үлэтин тохтоппотоҕо. Суруйааччы айар талаана ордук драматургияҕа көстүбүтэ. Норуокка ордук биһирэммит драмаларынан буолаллар:“Дьаданы Дьаакып” (1914 с.), “Таптал” (1915-16 сс.), “Олох оонньуура” (1918 с.), “Кэччэгэй кэриэһэ суох” (1918 с.), “Олох дьэбэрэтэ” (1919-21 сс.), “Манчаары” (1919 с.). А.И. Софронов драмалара Саха норуотун олоҕун, ордук чуолаан өрөбөлүүссүйэ иннинээҕи олоҕун арыйан көрдөрөр уус-уран энциклопедия буолаллар. Итини таһынан саха литературатыгар прозаны саҕалаабыт суруйааччы буоларын бэлиэтээн этиэххэ сөп. “Дьүһүн кубулуйумтуо”, “Ордугу булаары олоҕун алдьаппыт“,“Сотору да көстөр сордообут” кэпсээннэрэ саха литературатын бастыҥ айымньыларыгар киирсэллэр. А.И. Софронов национализмҥа буруйданан сыылкаҕа ыытыллыбыта уонна 1935 с. алтынньы ый 24 күнүгэр өлбүтэ.

Оҕолорго айымньылара:

  1. Куоратчыт : [кэпсээн] 
  2. Куораччыт : [аудиокэпсээн]
  3. Кэпсээннэр, драмалар, сыһыарыылар
  4. Туллук-туллук доҕоттор: кыра оҕолорго хоһооннор 
  Эбии көр:
  1. Алампа айымньылара – оҕо хараҕынан: Тааттатааҕы ускуустуба оскуолатын оҕолорун үлэлэрэ
  2. Аннемподист Иванович Софронов — Алампа 
  3. Виртуальная выставка «Анемподист Софронов – Алампа»
  4. Кроссворд «А.И.Софронов — Алампа» 
  5. Тематическая коллекция в ЭБ НБ РС (Я) «Алампа — Софронов Анемподист Иванович»

Насколько вам понравилась публикация?

Средняя оценка 0 / 5. Количество оценок: 0

Оценок пока нет. Поставьте оценку первым.